ОО, ОҔОЛОРУОМ, ИСТЭҔИЭТ-ИСТИБЭККИЭТ

«Оо, оҕолоруом, истэҕиэт-истибэккиэт», – диэн

Ийэ барахсан эмиэ айманар да айманар.

Кини оҕотун киһи бэрдэ гына иитиэн,

Уола көмпүүтэр умсулҕан көрүгэр-нарыгар

Абылатан кээспитэ абатын эбитиэн!..

 

Күнү быһа көмпүүтэрдии олоруохтааҕар,

Күөх сирэмҥэ күүлэйдии сылдьыбыт хайдах этэй:

Эт-хаан сайдар эриэккэс да кэмэ таах ааһар!

Ону ол диэбэккэ сорохтор, сүрүн эбитэй,

Охтон да түһүөхтэрэ, оонньуу тахсыахтааҕар.

 

Оттон таһырдьа оҕолору күөх сайын күүтэр:

Ким эрэ сүүрэр-көтөр, ким эрэ сөтүөлүүр.

Сороххо ону солбуйар барытын көмпүүтэр.

Сайыммыт бүтэн, саҥа хаар түһэн үллүктүүр.

Суох, ону даҕаны солбуйар эмиэ көмпүүтэр.

 

Оҕо барыта оонньуур көмпүүтэр диэн оонньуура –

Ол, дьиҥэр, саҥа кэм саамай улуу айыыта.

Кини буолуо киһи аймах кэрэҕэ дьулуура,

Кини буолуо бар дьоммут балысхан сайдыыта,

Кини эрэ көмөтүнэн киэргэйиэ сир ньуура.

 

Ону дуу өйдөөн оҕолорбут туруохтара

Уон биэстэригэр хастарыгар быһа барыллаан.

Дьон чулуулара диэн кинилэр буолуохтара,

Түргэн көмпүүтэр түгэх кистэлэҥин баһылаан

Төрөөбүт дойдуларын туругурдуохтара.

Оччоҕо кинилэртэн ордук төрөппүттэрин

Ким да суох буолуо аан дойдуга аатырдыбыт.

Кинилэр аҕалтаабыт кэмэ суох түбүктэрин

Олоччу умнан, уруйдуо буолуо барыбыт

Оҕолорбут үлэлэрин улуу түмүктэрин.

 

Көмпүүтэр үйэтин көрдөөх-нардаах оҕолоро

Күн сирин үрдүгэр көҥүл дьон буолуохтара.

Интэриниэт эйгэтин элэккэй оҕолоро

Ийэ сир иэнигэр иллээх дьон буолуохтара.

Уруй-айхал эһиэхэ, улуу кэм оҕолоро!