Аҕыс уон аҕыс албастаах,
Алып-чарай ситим саптаах
Бороҥ кыра богдойбут
Бу баар кини. Ойуурбут
Иччитэ уонна кута,
Илим сэптээх булчута —
Үрүҥ көмүс сабы соспут
Өҥ-тот соҕус ооҕуй оҕус.
Сарым-тарым кынаттааҕы:
Сахсырҕаны, кырдаайыны,
Сэмэгэти, кумаары –
Сэрэппэккэ тутаары,
Ооҕуй оҕус илимин
Окко-маска иилбитин
Өйдөөн-дьүүллээн көрбөккөҕүн
Өрүү быһыта көтөҕүн.
Ол эн да иҥнэн баран,
Улаханыҥ бэрт буолан,
Өлүү суолун ааспыккын
Өйдөөбөккө хаалаҕын.
Ситим саба быста-быста
Силимнии сирэйгэр сыстар.
Ооҕуй илимин дуомугар
Оҕуурдатыаҥ баар дуо ама!
Ооҕуй оҕус илимигэр
Уһаабаттар иҥнибиттэр:
Хаһаайын кэлэн тохтуур,
Хааннарын супту уулуур.
Хамсыы сыппыт муҥнаахтар
Хахтара эрэ хаалар.
Сити курдук сиэмэх, моҕус
Ситтэҕинэ ооҕуй оҕус.
Ол эрээри хаһан даҕаны
Кини туһунан куһаҕаны
Оччо-бачча эппэттэрэ.
«Ол аһаары, – дэһэллэрэ, –
Оруобуна сииллэрин эрэ
Ол кыыллар туталлар», – дииллэрэ.
Ол онтон ордугу хаһан да
Ооҕуй оҕус, кырдьык, туппата.
Дэлэҕэ да кинини эрэ,
Дьиэлэригэр үөскээтэр эрэ,
Оҕобут кута диэхтэрэ дуо?!
Ол, бука, айыырҕаан дуу буолуо,
Олох тыыттарбат этилэрэ
Уонна сэрэнэн этэллэрэ:
«Ханнык эрэ оҕо кута
Ханна эрэ куотуо тута».
Ол иһин баар буоллун өрүүтүн
Ооҕуй оҕус диэн улуу кыыл,
Орто дойдуга көмүс кыл
Ураты өрүүтүн көрдөрө!
Оннук тардыллар көмүс илим,
Күн уотугар кылабачыйа
Уонна бар дьоҥҥо арыйа
Ооҕуй оҕус уустук улэтин.