ООННЬУУ-КҮЛҮҮ ЫККАРДЫНАН

Оонньуу-күлүү ыккардынан
Олус дьиибэ хоһооннор!..
Ханнык эрэ хаһыат ылан,
Халбаҥ суолга холбоһор?..

Хоһоон даҕаны кутталлаах:
Кутуругар сөрүөҕэ.
Ааҕааччы араас харахтаах,
Аны сиилии көрүөҕэ.

Тосту-туора xohooннopy
Тохтотон да эриэххэ.
Одуу буолбат хоһооннору
Ол оннугар биэриэххэ.