ОРОЙУОММАР

Улахан дьоннордоох
Кыра оруйуон,
Эйиэхэ мин дьоллоох
Тойукпун туойуом.

Сир ийэҥ эн суолгар
Симэҕин тэлгиир.
Олох ыар да буоллар,
Эрэл баар син биир.

Эн үүнэр ыччатыҥ
Үлэҕэ турдун,
Эн чиэскин, ыраҕын
Үрдүктүк туттун.

Олохпут сотору
Оннун булуоҕа,
Эн дьонуҥ толору
Дьоллоох буолуоҕа.

Бу, биллэр, мин эргэ
Кэмнэрдии эттим,
Сорукпун ол эрэн
Барытын ситтим.