Симириккэ, боруҥуйга
Сэһэн ордук сааһыланар,
Онон саамай утуйарга
Остуоруйа саҕаланар.
Бастаан син сөбүгэр coҕуc
Сүрэҕиҥ- үөрэр, долгуйар,
Онтон эмискэ уот сулус
Дууһаҕар сырдыы умайар.
Тыыныҥ кылгыыр, хааныҥ оонньуур,
Хараххыттан уу-хаар баһар:
Сүрэххинэн уйгу уулуу
Остуоруйа устар-устар.
Онно арыт – уруй-айхал,
Арыт хотторуу абата,
Онно барыта чаҕылхай,
Онно соһуччу барыта.
Силлиэ хаары ытыйбахтыыр,
Сири тымныы ыга ылар,
Дьэллик бөрө улуйбахтыыр,
Дьэгэ-бааба дьиэттэн быгар.