ОТ ЫЙЫН БАСТАКЫ КҮНҮГЭР

От ыйын бастакы уот күнүн
Мин быйыл дойдубар көрүстүм,
Уон араас өҥ оонньуур күлүмүн
Ортотугар баар буола түстүм.

Сэбирдэх, мутукча ситэннэр
Силигилээн аҕай тураллар,
Өссө да кэҕэлэр этэннэр
Үөрүүнү сүрэхпэр куталлар.

Кинилэр бу үөрүү чааһыгар
Былдьаһа былдьаһа этэллэр,
Бадаҕа, ким эрэ сааһыгар
Балачча сыллары эбэллэр.

Былыр дьон бу маннык алҕатан,
Тыыннаах дьыл тахсарын үөрүүтэ
Сылтан сыл салҕаннар-салҕанан,
Буолбута үгэс биир көстүүтэ.

Дьон мэлдьи дьулуһар кэрэҕэ.
Ол миэхэ холобур өрүүтүн.
Кэрээбэт-өрөөбөт кэҕэлэр,
Кэпсээҥ дуу мин чааспын-өлүүбүн.

Билигин даҕаны иннибэр
Бэрт элбэх дьиктини күүтэбин —
Бу үөрүү, бу тиллии кэмигэр
Букатын эдэрбэр түһэбин.

Бу бааллар сылаас диэн ол күннэр,
Дьол-соргу тосхойор күннэрэ,
Бу бааллар сырдык диэн ол түүннэр,
Дьон-сэргэ долгуйар түүннэрэ!

Ол иһин да буолуо бүгүн мин
Олохпун уһата сатыыбын,
Былыргы өбүгэм үгэһин
Быйылгы үйэҕэ салгыыбын.

Этигэн кэҕэлэр, чахчыта,
Эриэккэс эһиги билгэҕит,
Ол эрэн төһөтө-хаччата
Ол онтон туоларын билбэтим.

Кэм-кэрдии кэлбитэ түргэнин
Арай дьэ чуолкайдык биллэҕим,
Ол иһин ханнык да түгэни
Улахан суолталаан эрдэҕим.

Кэнники хас сылым хаалбытын
Кэҕэ кыыл билгэтин курдук мин
Ордук-хос даҕаны аахпытын
Оҥорон, көннөрөн биэриэҕим.

Уонна дьэ санаабын ситэммин
Уоскуйан, холкуйан хаалыаҕым,
Урукку сүтэрбит тэтиммин
Олохпор тутуһан барыаҕым.

Баҕар бу кэллим диэн үөрэммин,
Баҕар бу кырдьык да кырдьаммын
Мин бүгүн өбүгэм үгэһин
Биир үтүө чааһыгар кытынным.

Арааһа, биһиги бу маннык
Айылҕа оҕото буолабыт,
Бэйэбит күн аайы бытааннык
Биллибэт күүһүнэн туолабыт.

Бу, биллэр, барыта ааһар суол.
Күөх сайын күлүмэ умуллуо.
Эн мэлдьи итиннэ бэлэм буол,
Сотору барыта умнуллуо.

Ол эрэн бүгүн мин үөрүүбэр
Ол мэһэй буолуоҕун билбэтим.
От ыйын бастакы күнүгэр
Олус бэрт мин манна кэлбитим!