ОТТОН МИН, КИМИ ДА МӨХПӨККӨ

Оттон мин, кими да мөхпөккө,
Олохтон билбиппин кэпсиибин,
Ол эрэн ол ону сөхпөккө
Ойуулуур кыаллыбат суол диибин.

Онон дьэ мин арыт-ардыгар
Оохойдоон-аахайдаан ылыаҕым,
Ол эрэн бэл онтум быыһыгар
Мин олох кэрэтин ыллыаҕым.

Билигин көмпүүтэр үйэтэ –
Билиммэт урукку олоҕу.
Аҕатын, эһэтин үлэтэ
Адьас да долгуппат оҕону.

Олохпут эмискэ эргийдэ.
Бары да тумаҥҥа муннубут.
Ол онно улахан эрэйгэ
Ол эрэн түбэстэ оҕобут.

Арылхай ыраас харахчаанын
Аан дойдуга саҥардыы аспыт,
Мэниктээн баппат кырачаанын
Биһигиттэн сүтэрдэ хаспыт?!

Оҕо айылҕаттан ордорон
Олордо бүгүн көмпүүтэргэ.
Куну быһа онно олорон,
Оо, бэрдиэн дьиктини күүтэргэ!

Ол дьиктилэр өр күүттэрбэттэр:
Оонньуу, киинэ буолан кэлэллэр.
Кинигэлэр да сүүйтэрбэттэр:
Кэмэ суох элбэхтэр, кэрэлэр!

Биир курдук, эн дьоллоох киһигин,
Оҕобут, бу кэмҥэ төрөөҥҥүн,
Бэл дьонуҥ билбэтин билэҕин,
Биэстээххэр барытын өйдөөҥҥүн.

Билигин көмпүүтэр үйэтэ –
Биллибэт муоранан устаҕын,
Бииртэн биир санааҕын сиппэккэ
Бииртэн биир эйимҥэ умсаҕын.

Эн мэлдьи ол дьикти дойдуттан
Эрэй-муҥ бөҕөнөн тахсаҕын.
Ол курдук сирдээҕи уйгуттан,
Оҕобут, эн бэйэҥ матаҕын.

Аны эн, көрдөөх-нардаах бэйэҥ,
Көмпүүтэр күлүгэ буолаҕын,
Интэриниэккэ киирэн биэрэн
Ийэҕин, аҕаҕын умнаҕын.

Аанньа аһаабакка-сиэбэккэ,
Эн быһар быһаҕаһыҥ хаалар.
Түүн аайы утуйан биэрбэккэ,
Түүлүҥ-битиҥ дууһаҕын аалар.

Сарсыарда эн нэһиилэ туран
Оскуолаҥ диэки саллаҥныаҕыҥ.
Онно эн алҕаскын дьэ булан
Caҥa дьарыккар caaраҥныаҕыҥ.

Бииргэ үөрэнэр оҕолоруҥ
Бэһиэлэй сибэкки курдуктар,
Арай эн эрэ соҕотоҕун
Ардаҕыран киириэҥ уруоккар.

Уонча эрэ саастаах уол оҕо
Оҕонньор курдук дуу туттуоҕуҥ.
Оччоҕо, баҕар, эн: «Бу тоҕо
Мин маннык буоллум?» — диэн туруоҕуҥ.

Алдьархай буолбутун билэҥҥин,
Аан бастаан эн дьүүллүөҥ бэйэҕин:
Алҕаскын көннөрө сатыаҕыҥ,
Атыннык сылдьыаххын саныаҕыҥ.

Сааскы күн, сандааран, кэрэтиэн!
Айылҕа ырыанан уһуктар.
Сарсын дуу, өйүүн дуу эн киириэҥ
Саманна, урукку туруккар!

Эн бүгүн, элбэҕи билэҥҥин,
Тус бэйэҥ сөп суолгун булуоҕуҥ
Эн эмиэ,иккистээн биллэҥҥин,
Айылҕа оҕото буолуоҕуҥ.

Көмпүүтэр, Интэриниэт аны
Көмөҕө эрэ кэлиэхтэрэ:
«Атаспыт, эн аар айылҕаны
Адьаһын умнума», — диэхтэрэ.

Биһиги эмиэ аан айылҕа
Биир биллибэт оҕолоробут,
Үүнэр-сайдар киһи аймаҕы
Үрдүк билиинэн толоробут.

Билигин көмпүүтэр үйэтэ
Билигин биһиги үйэбит.
Сарсын туох кун үүнүө биллибэт,
Саараама, ону Ким да билбэт.

Баҕар, эмиэ урукку курдук
Барыта оннунан хаалыаҕа;
Баҕар, эмиэ бүгүҥҥү курдук
Балысхан хамсааһын барыаҕа.

Ол эрэн, туох да буолтун иһин,
Барыта үтүөҕэ буолуоҕа.
Кини саамай киинигэр киһи –
Киһи эрэ мэлдьи туруоҕа.

Аан дойду саҥа арыйыытын
Араастык кини быһаарыаҕа,
Олох сайдыыта ол аайытын
Тургэтиэ биитэр бытаарыаҕа.

Онон эн хас биирдии дьиктини
Хайаан да үөрэтиэх тустааххын,
Ол эрэ кэнниттэн кинини
Уос номоҕо оҥостуохтааххын.

Эн билигин, ону барытын
Эккинэн-хааҥҥынан билэҥҥин,
Ол муммут уолтан олох атын,
Улахан бөҕөлөөх киһигин.

Айылда амарах эйгэтэ
Арахпыт оҕотун ылынна:
Сир ийэ айхаллыыр бэйэтэ,
Сибэкки бөҕөтө тылынна!