ӨPYC ЭСТИИТЭ

Өрүс мууһа эстиитигэр
Үрдүк үөрүү чааһа баар,
Oҕo-улуу истиитигэр
Ону бүгүн эн таһаар.

Улуу өрүһү одуулуу
Очуоска мин турабын,
Хараҕым хоту-соҕуруу,
Ханна барыай кутталым.

Халлаан улам күлүгүрэн,
Хара түүнүм барыйар –
Хаһан эрэ үрдүбүнэн
Халаан уута халыйар?..

Xapaҥaҕa хайа-муустар
Хабырыйса усталлар, Суулларыахтыы тыаллар-куустар Суорба таастыын тусталлар.

Өрус уута үллэр-баллар,
Үрдээн иһэр чаас аайы, Хонуохтааҕар – манна турар Кутталланар ол аайы.

Көрөр баҕа ити эрэн
Күүстээх, халаан уутунуу –
Хайдах өрүһүм эстэрин
Хаалабын мин одуулуу.

Өлүөнэ эбэ хотунум
Үрдүк очуос биэрэгэр
Будулла үллэр долгунун
Бу түүн эрэ тиэрпэтэр —

Көмүөл мууһун курдук устар
Көҥүл тыл-өс кэрэтэ
Сарсыарданан мин дууһабар Сааһыланыах да этэ!..

Уһун ууттан уһуктубут
Улуу өрүс курдук мин
Уһун кыһын улугурбут
Олохпуттан тиллэбин.

Өрүс мууһа эстиитигэр
Үрдүк үөрүү чааһа баар,
Oҕo-уруу истиитигэр
Ону бүгүн эн таһаар.