ӨБҮГЭЛЭРБИН ҮТҮКТЭММИН

Биир саха буоламмын буолуо, мин

Биир үтүө сарсыарда тэринэн,

Бэрт чугас да буоллар, тэйэбин

Биэбэйдээн таһаарбыт дьиэбиттэн.

 

Өбүгэлэрбин үтүктэммин

Өлөрүм муҥунан барабын,

Систэри быһыта түһэммин

Син мээнэ ырааппыт буолабын.

 

Иһирик ойуурга киирэбин,

Иһирэх тыллары этэбин.

Мин хара лааҥкыны ааһабын,

Бэйэм да соһуйан хаалабын.

 

Хоруоттан хараарбыт сирэйдээх

Хотторбут-кыайтарбыт эрэйдээх

Аччыктаан, утатан бүппүппүн,

Apaaha, онно дьэ өйдүүбүн.

 

Отонноон, сугуннаан сии-сиибин

Ойуурум устун мин иһэбин,

Ол иһэн эмискэ сир сиигин

Олооччум курдары билэбин.

 

Көрбүтүм, сэппэрээк быыһыгар

Күөл курдук ып-ыраас уу сытар.

Баҕалаах утаҕын ханнарар

Маннык уу түөдэ диэн ааттанар.

 

Күнүскү аһылык ааспытын

Күлүктэр, уһааннар, этэллэр.

Уу сиргэ оттубут мастарым,

Оо, хата умайан эрэллэр!

 

Түргэнник солуччахпын ылан,

Түөдэттэн уу баһан таһааран

Оллооҥҥо оргута ыйаатын,

Ол курдук чээрэлии барабын.

 

Тиэтэйэн-саарайан кэлбитим,

Тэбиэлии турара уурбут уум.

Ойуурга чэй киэнэ дьиктитин

Oҥopop киһи диэн мин буолуум!

 

Ардыгар туох-ханнык буолбуккун,

Apaaһa, бэйэҥ да билбэккин,

Ол курдук оҥоруо да суоххун

Оҥорон кэбиһэр эбиккин.

 

Хатыным чээрэтин кыһаммын,

Хаста да кымаахтаан ыламмын

Оллоонноох алтан солуурчаҕым

Оргуйар уутугар куттаҕым.

 

Ол чэйим сытынан сотору

Ойуурум дыргыйа туолбута,

Солуурчах тобус диэн толору,

Толору уулааҕа уолбута.

 

Мин барбыт бөҕөлөөх ол чэйбин

Минньитэн үүт кутан биэрбитим,

Ол курдук хатыҥым чээрэтин

Ойуурга чэй гынан испитим.

 

Төрүт аһым барахсан

Tөһө да аһыы амтаннаннар,

Кыратык буруо да сыттаннар,

Кырдьыга, мин сүр астыммытым.

 

Куруҥ от кураххай оҥорор,

Хатыҥ үөһэ хабархай гынар

От чэйдэрэ утаппыт дьоннор

Утахтарын ордук ханнарар.

 

Yc Саха хааныгар буолуоҕа

Өбүгэлэрин өрө тутара,

Баҕар, ол онтон да буолуоҕа

Балаҕаныгар төннө турара.

 

Тото-хана аһаан-сиэн баран,

Толоруох тустаахпын аны мин,

Бар дьоммор үтүөнү баҕаран,

Бар дьонум атын үгэстэрин.

 

Ол аата от үрэхтэринэн,

Уһун систэринэн холкутук

Сылдьаттыы үөрэниэхтээххин эн,

Сыыһан көрбөккө, дьиэҕэр курдук.

 

Көтөр сымыытын, кыыл оҕотун

Көрбөтөх курдук туттуохтааххын,

Сүүһүнэн да кустан сорҕотун,

Сөбүн көрөҥҥүн, бултуохтааххын.

 

Оттон мин билигин кырабын,

Ол эрэн ол ону барытын,

Улахан киһи буоллахпына,

Оҥоруом буолуо мин даҕаны.

 

Эмньик бэйэм – мин туох иннигэр

Эппит тылбын кэһиэ суохтаахпын

Итиэннэ бар дьонум иннигэр

Иэспин-күүспүн төлүөх тустаахпын.

 

Дьиэбэр-уоппар киирээт да, дьоммор

Дьикти сэһэни тардыахтаахпын,

Отон арааһын оҕолорбор

Уктуун үргээн аҕалыахтаахпын.

 

Куобах бөҕөтө хойуу үөрдээх

Куруҥ тыалары кэрийтээммин,

Кус-хаас оннугар бүтэй бүөрдээх

Куобаҕы сүгэн киириэхтээхпин.

 

Ол курдук дьэ өссө биир уолан

Олоруохтаахпын саха буолан,

Оҕону-урууну ууһата,

Уйгуну-быйаҥы уһата.

 

Оччоттон баччаҕа диэритин

Утумнаан хааллара сиэрбитин,

Ол курдук салҕанар оҕоҕо

Урааҥхай сахабыт олоҕо.

Перейти к содержимому