ӨБҮГЭ ӨТӨҔӨР

Сүргэни көтөҕөр,

Дууһаны долгутар

Өбүгэ өтөҕөр

Үчүгэй өр турар.

 

Куөх солко халлаана

Күдэрик туманнаах,

Үрэҕин халаана

Үрумэ долгуннаах.

 

Сиккиэрэ ыраахтан

Сир сытын илгийэр.

Көҥүлтэн, ыраастан

Бэл мэйииҥ эргийэр.

 

Күөх тыата, толооно

Көр, ырыа эйгэтэ,

Ахтылҕан хоһооно

Айыллар бэйэтэ.