ӨҤ САЙЫН

Халлааммыт, сибэккигэ уу кута турардыы,

Киэһэ, арсыарда кэлэ-кэлэ ардаан ибиирэр,

Күһүнүн буоллаҕына күнэ куотуһардыы

Итии кыымнарынан ийэ буорга иҥэн киирэр.

 

Сир ийэ коҕүстүүн-түөстүүн күүскэ сылыйан

Дыргыл сытынан тыына-тыына сыламныы сытар,

Ити кэмҥэ итир былыт эмиэ ыанньыйан 

Илгилээх самыырынан ибиирбитинэн барар.

Тыаллаах-куустаах тымныы саас олус уһаан-кэҥээн,

Хайа уонна халлаантан таммах да уу туспэккэ,

Куттаныы бөҕө буолта курааны билгэлээн,

Ону хата сайыммыт онуун сөп түбэспэтэ.

        

Алаастарга, толооннорго, үрүйэлэргэ

Ороһулаан турбут от-мас хамсыы-хамсыы тахсар,

Үүнүү үчүгэй атын даҕаны сирдэргэ —

Саарбахтыыр санаа саха өйүттэн дьэ арахсар.

 

Үүнүүлээх оту үллэҥнэтэ-үллэҥнэтэ,

Өҥ сайын кэллэ диэн үорүү-котүү улахана,

От ыйын ортотун диэки оттоммут сиргэ

Кэнчээритэ кобоон кээмэйдэнэр тутумунан.

Торҕо күох отунан тото-хана аһааннар,

Ынахтар сайыҥҥылыы ыаҕаһынан үүттээхтэр,

Хаһыҥ диэн суох — хампа күох ойуурдар, чараҥнар

Хаһан даҕаны хагдарыйыа суох корүҥнээхтэр.

 

Тумулга киир даҕаны, туда өттүҥ тэллэй,

Ойуурга таҕыс даҕаны, от-мас тордо отон…

Быһата, сир аһа быйыл сир аайы дэлэй

Төһөнү кыайаргынан төҥкөй да хомуй онтон.

 

Өтөрүнэн буолбатах өҥ сайын диэтэҕиҥ!

Орто туруу дойду уруйдаан аххан корүстэ.

Байылыат олох диэн баҕалааҕын эбитин!

Сылайбыт дьон сырайа-хараҕа сырдыы түстэ.

Перейти к содержимому