Куорат киинин буламмыт,
Хорҕолдьунтан кутаммыт
Мааны кыылга куобахха
Пааматынньык тутуохха!
Пааматынньыктар диэн, сахалыы тылынан эттэххэ, өйдөбүнньүктэр.
Мастан, таастан чочулланнар биитэр хорҕолдьунтан, тимиртэн кутулланнар,
Кэрэх мастыы, ол дьикти көстүүлэр, дьиннээх диэҕи эмиэ да көрүнньүктэр,
Киһи аймах истуоруйатын кэрэһилии кэккэлээн аххан тураллар.
Көннөрү көрөөччүлэр, туриистар, учуонайдар уонна суруналыыстар
Кун аайы кэлэн көрбөтөхтөрүн көрөллөр, билбэтэхтэрин билэллэр,
Сыл аайы сылдьаннар сыана быһаллар, төһө да ким эрэ таптар, сыыстар,
Сыалай кинигэлэри суруйан сыалларын-соруктарын ситиһэллэр.
Хор, ол пааматынньыктар тустарынан оттон мин бу тугу суруйабын,
Хоһоонунан ыстатыйаны дуу эбэтэр ыстатыйа хоһоону дуу?
Toҕo бу уп-уhун субурҕалары Ариадна сабыныы субуйабын,
Тулуурдаах, толкуйдаах кэрэ диэн, ааҕааччыбын киэҥ суолга таһаараары дуу?
Дьокуускай куораппыт дьогдьойор саалыгар, Туймаада хочотун үрдүгэр
Туруохтара хаһан эрэ дьол, таптал долгутуулаах пааматынньыктара,
Ол буолуох этэ бу бүгүҥҥү сайдыылаах биһиги Сахабыт сиригэр
Олорор, айар уонунан омуктар улууканнаах бырааһынньыктара!
Ол иhин даҕаны мин бу сурэҕи долгуттар, сүргэни көтөхтөр диэн
Оҕо дьоҥҥо холобур буолуохтаах хоһоону суруйа сатаан эрдэҕим.
Айылҕам миэнэ, арааһа, баҕарар хас биирдии киһи хайаан да билиэн
Аан дойду айыллан, орто дойду оҥоһуллан турар уустук үөрэҕин.
Ханнык баҕарар омугу, бука, былыр даҕаны, быйыл даҕаны
Хайдах кини бэйэтин истуоруйатын билэринэн сыаналыыллар.
Ханнык да кылаата, кыаҕа суох, хараҥа омук диэтилэр даҕаны,
Хахха-дурда буолбута буола-буолалар халыылларын эрэ саныыллар.
Урукку кэмнэр уорҕаларыгар баай-дуол хаҥатыыта барбытыгар
Улахан омуктарга кыра омуктар бары кэриэтэ — бассааллара,
Отгон бүгүн кинилэргэ ордук барыһы аҕалар барытыгар
Оҕуруктаах өйдөрө, уһун тыллара уонна сатаан баайсаллара.
Ол эрээри биирдэ ол хара дьай уhун ситимэ быстан ылбыта.
Ол оннугар халыйан турар хараҥаны сулус буолан сырдата,
Сэбиэскэй Сойуус диэн улуу дойду сэттэ уонтан тахса сыл устата
Сиэрдээх олоҕунан инники кирбиигэ эрэллээхтик тахсыбыта.
Ол онно дии аан дойду билбитэ ыстаал хайдах хатарыллыбытын,
Олоҕу уруйдуу Сэбиэт сирэ өтүөлэх сиэрпэтин өрө ууммутун,
Ханнык сыананан хара дьайдаах өстөөҕу Кыһыл Армыйа кыайбытын,
Ханна даҕаны урут суох норуоттар доҕордоһуулара диэн тугун.
Ол курдук истуоруйа хаамыытын тосту уларыталлар ардыгар,
Улахан түрбүөнэ-дарбаана суох эрэн, улуу суолталаах сабыытыйалар.
Кинилэр үгүс-элбэх көлүөнэлэр өйдөрүгэр-санааларыгар
Кэм да төлөммөтөх иэс буола сылдьаннар төһөлөөх кићини аймыыллар?!
Холобура, мин өйдүүбүн уот кураан аргыстаах уот сэрии ыар сылларын,
Хоргуйууттан саха омуга эстиэҕин куобах барахсан быыһаабытын,
Оттон сэрии кэнниттэн, сахалар, эмиэ үөрэнэн, сайдан барбыппытын,
Онно биһиэхэ көмөҕө кэлбит сүүһүнэн нуучча чулуу ыччаттарын.
Ону даҕаны санаан, оо, мин доҕотторуом, үс саха оҕолоро,
Олохпут уонна истуоруйабыт умнуллубат кырдьыгын туоһулаан
Ордук биһиги, куобах баар буолан тыыннаах хаалбыт сэрии оҕолоро,
Улуу махтал пааматынньыгын туруоруоҕун бастаан куобахха анаан.
Дьоммут-сэргэбит этиилэринэн, биһиги иккис пааматынньыкпытын
Тутуоҕуҥ нуучча кыыhа уонна саха уола эдэркээн учууталларга,
Ол курдук тус бэйэбит эбээһинэспитин итиэннэ барааппытын
Убаастыыр, билэр уонна тутуһар омук буолан көстүөхпүт атыттарга.
Маннык пааматынньыктарбыт мэлдьитин бу бааллара эбитэ буоллар,
Бастаах дьон эбит диэн, баһылыыр санаалара бахтыах этэ кэлиилэр.
Иитиччэтигэр Сахабыт сирин баайын-дуолун саҥа да хоруоллар
Иччитэх өтөх иһиттэн курдук тааҕы-таах таһан ылыа суох этилэр.
Kuhи аймах сайдыыта кэннинэн-иннинэн кэлиитигэр-барыытыгар
Ким бу кэмҥэ кэскиллээх соруктааҕый, туох бу кэмҥэ тускуллаах сыаллааҕый?
Бу маннык буккуур кэм үс саха сыыһа сыаннастары талан ылыытыгар,
Буолан баран, онтукатын өрө тута сылдьыытыгар ким буруйдааҕый?
Оччолорго улугурууттан саҥа уһуктубут саарбах соҕус дьоннор
Омуктарын иһин охсуһа диэн ойуокалаһан аххан тахсыбыттара
Уонна улуукан дойдуларын, отонноох мас курдук сууллара охсоннор,
Уостарын-тиистэрин сотто-соттолор уларыта тутан барбыттара.
Сымыйа куолуһуттар сылыктааһыннарын, тойоннооһуннарын истэн,
Сымыйа сыаннастары талан ылбыт дьоннор сыыһа суолунан бараннар,
Кураанах дьыала холбоһон куттарын куоттаран, сүрдэрин сүтэрэн
Култуураттан, сайдыыттан куруутун ханна эрэ ыраах хаалан хаалаллар.
Ханналарый билигин ол сахалар дьоллоругар төрөөбүт дьонноргут?!.
Хара, үрүҥ ойууттар, эҥин араас эмчиттэр, бэрт элбэх көрүүһүттэр,
Саталлаах бэлиитиктэр уонна бэйэлэрин төрүт саханан оҥорбут
Саха итэҕэлэ, саха үгэстэрин саҥарда сатыыр бөлүһүөктэр?
Ол дьон бары норуоттарын туһугар дууһаларынан ыалдьар ааттаахтар,
Ол эрэн, бука, билбэккэлэр оҥорбут буолаллар олох да атыны.
Ол дьоннор хайаан да үс саха омугун аар саарга аатырдар сыаллаахтар,
Ол дьоннор итинник айдааран, төһөлөөх иэдээҥҥэ тэптилэр саханы!
Хаһан эрэ үрдүкү былааска хараанныах курдук дьону олорпуккут,
Хас уон көлүөнэ дьон хара көлөһүҥҥүтүнэн харайбыт сүөhүгүтүн
Көрдөрбүтүнэн үллэстэн ылбыттара бэйэҕит көҥул оҕолоргут..
Көнө диэн сахам бу маннык саатын-суутун аны өстөөхпүт да көрбөтүн!
Айаҕалыы сатаан эттэххэ, атастарыам, үһүс пааматынньыкпытын
Ат тарпат айыылаах алҕастытыгар анаан дуу, араahа, тутууһубут.
Биллэн турар, кыахтаах эрэ дьоннор көннөрөллөр итинник алҕастарын,
Биһиги даҕаны атахпытыгар оннук эрэ гынан турууһубут.
Ол курдук пааматынньыктар өйдөбүнньүктэр эрэ буолбатахтар.
Ол курдук дьиҥнээх пааматынньыктар – биһигин сайдыыбыт бэлиэлэрэ.
Ити пааматынньык буолбут мааны куобах уонна эдэркээн учууталлар,
Эмиэ сырдык санаалар буоланнар, эһиэхэ эргиллэн кэлиэхтэрэ.
Ол эрэн сырдык үйэтэ суох, хаһан эрэ хараҥа син биир ыйыстар.
Ол курдук сырдыгы ким эрэ: киһи дуу, айылҕа дуу айан уматар.
Оттон дьэ хараҥа — хара дьай бэйэтэ, аан дойду үрдүнэн барыйар.
Ол эрэн киһиэхэ баар санаа сырдыга, ол кини эн суолгун сырдатар.
Сырдык санаалар – ол биһиги олохпут уларыйбат сыаннастара.
Сырдык санаалары кумааҕыга суруйабыт, хорҕолдьуҥҥа кутабыт,
Ол аата биһиги, ол кинилэр очурдаах суолларын аргыстара,
Улууну, кэрэни эрэ оҥорор туһугар айабыт-тутабыт.
Ити мин сороҕор эдэр дьон өйдөөбөт, сороҕор өйдүү да сатаабат,
Ити мин, ол эрэн олус диэн наадалаах урукку тыллары суруйдум.
Бу маннык ыар үлэ суруйар киһини арыынан-сынан аҕаабат,
Бу эрэн, мин мантан төттөрү күүс ылан, бэйэм да олус диэн соһуйдум.
Эн эмиэ, тулуургун киллэрэн, бу маны барытын ааҕарын буоллар,
Эриллэн-мускуллан үүнүү-сайдыы өссе биир үрдэлин ылыах этин.
Угуйа тураллар уоттаах сулустар, ыҥыра сыталлар ыраах суоллар,
Олортон эн бэйэҥ эрэ гиэнин мэлдьитин бул! Мин эттим — эн иһиттин!