ӨС ХОҺООНО

Apaac күндү таас ортотугар

Алмаас кыырпаҕын кэриэтэ,

Өс xohooно буолан турар

Өбүгэ бэргэн этиитэ,

Улахан, кыра оҕотугар

Ол буолар кини кэһиитэ.

 

«Кутуйахтаах курунтан куотуҥ

Күтэрдээх күөлтэн күрэниҥ!»

Бу хаһан өс хоһооно буолтун

Мин, кырдьыга баар, билбэтим,

Онтон дуу кини кэлбит суолун

Ойуулуу сатыыр инибин.

 

Киһи олоҕун устатыгар

Араас суоллары көрсүһэр:

Өрөгөйдөөн ылар ардыгар,

Арыт хотторон сүөм түһэр.

Үөскээн тахсара буолуо, баҕар,

Өс xohooнo ол түмүгэр.

 

Эрэйдээх-буруйдаах олоҕу

Эккинэн-хааҥҥынан билэн,

Уонунан, сүүһүнэн туругу

Уопсай биир этиигэ түмэн,

Үөскэтиэҥ эн да өс хоһоонун

Үйэлэри нөҥүө түһэн.

 

Ол ону арыт бырааттарыҥ

Умналлара этириэһин —

Ууга тааһы дуу бырахпытыҥ

Ордук ини ол кэриэтин,

Өссө ордук бырах барбытыҥ

Өһүргэммитиҥ бэлиэтин.

 

Оннук эрэ эн дабайаҕын

Олох үрдүк кирилиэһин,

Оннук эрэ эн арыйаҕын

Уус-уран тыл эгэлгэтин,

Үксугэр онтон эн айаҕын

Өс хоһоонун эриэккэһин!