СААС КЭЛЛЭ БИҺИЭХЭ, СААС КЭЛЛЭ!

Бүгүн дьон-сэргэ бүтүннүүтэ
Таҥныбыт мап-маҥан таҥаһы.
Иһиллэр кыыс оҕо күлүүтэ,
Илгийэ сүрэххэ сылааһы.

Туох буолла бу манна эмискэ?
Сирэйдиин-харахтыын сырдыыбыт.
Саас кэллэ биһиэхэ, саас кэллэ!
Ол иһин бу маннык сырдыыбыт.

Маҥнайгы бу сааскы сарсыарда
Мастарга үөр чыычаах айманар.
Тулабыт куустарар сарыалга,
Дууһабыт ыллыаҕын баҕарар.

Биһиги барыбыт эмискэ
Оҕолуун-улуулуун ыллыыбыт.
Саас кэллэ биһиэхэ, саас кэллэ!
Ол иһин бу маннык ыллыыбыт.

Харанга сарсыарда сэрэйэн
Хабыалас тымныыга хаамарбыт,
Үллэйэр туманы силэйэн
Үлэлии, үөрэнэ барарбыт.

Былыттан күн көрөр эмискэ —
Быһыыта, мүлүйэр тымныыбыт.
Саас кэллэ биһиэхэ, саас кэллэ!

Быраһаай, бытарҕан тымныыбыт!

Перейти к содержимому