СААС ААТТААХ ЭРЭЭРИ

Саас ааттаах эрээри тымныы да баҕайы,
Тыала киһини көтүтүөх курдук,
Букатын былыргы бу дьиэбит сарайын
Буруйан киирэн бурайыах курдук.

Үчүгэй хаһаайын таһырдьа манныкка
Ытын даҕаны таһаарбат үһү,
Оттон мин сылааска утуйа сыппакка
Туох эрэ курдук бу турдаҕым үһү.

Бу эмэх сарайдыы, эргэрбит санааны
Бурайар тыалы булуом да иһин,
Мин быһа этэбин билиҥҥи айдааны
Биһириир тыл-өс миэхэ суох диэммин.

Туой аайы мин маннык, тугу да билбэттии,
Туһалаах өттүн туойарга суохпун:
Үрүҥү үрүҥ дии, хараны хара дии
Өчөһүм иһин өлүөх сордоохпун.

Перейти к содержимому