Дохсун, дуолан долгун курдук,
Үөрүү үллэр мин дууһабар:
Күнтэн-күнүн өссө ордук
Күн-дьыл үүнэр мин тулабар.
Сыһыыларга сырыы аайы
Күөх саас эбэр дьиктилэри,
Томтор аайы, толоон аайы
Tоҕор – ыһар кинилэри.
Сирим устун сиккиэр тыалым
Сэгэлдьийэ сиэлэр-хаамар,
Кэрэ тылы, кэскил тылын
Сибэккигэ этэн aaһap.
Долгуйан дуу, дьоллонон дуу
Сибэккилэр тэтэрсэллэр,
Саастыын кэлбит дьоһун дьолу
Сыыһа-халты түспэтэллэр.
Сайа охсор сааскы тыаллыы,
Санаам миэнэ кынаттанар,
Сайылыкка көспүт ыаллыы,
Саҥам миэнэ алгыстанар.
Хас биир быгар күөх салааттан
Уйгу быйаҥ ото ситтэр,
Сырдык ыраас кыым санааттан
Сүрэх эрэ күүскэ тэптэр.
Хас биир киһи олоҕугар
Тустаах суолун чопчу буллар,
Билэр-билбэт дьонноругар
Күнтэн-күнүн күндү буоллар.
Хас биир oҕo аанын аһаат
Аралыйар күнү көрдөр,
Тэлгэһэтин эрэ таптаат
Тэлэһийдэр, ыраах көттөр.
Үүнэр күнүм өрөгөйө
Өрө күүрэр мин дууһабар,
Oҕo сааһым күөрэгэйэ
Ыллыыр-туойар мин тулабар.