САЙСАРЫ

Сайсары эмээхсин

Саҥата бу кэлэр,

Ол иһэ истээҕин

Омоллоон да этэр.

Сайсары, Сайсары —

Сахаҕа саамай биир,

Сайсары, Сайсары —

Саамай биир ытык сир!

 

Үс саха уутуйан

Үөскээбит дойдута

Кыһына кыйданан

Кыыс кэрэ буолбута.

Сайсары, Сайсары,

Сайсары — кыыс аата,

Сайсары, Сайсары —

Саха баар ол аата.

 

Эдэркээн Сайсары

Итиннэ хаамара

Үйэ-саас тухары

Өйдөнөн хаалара.

Сайсары, Сайсары —

Сайбары ырбаахы.

Сайсары, Сайсары —

Саныаҕыҥ ырааҕы.

 

Өс-саас дуу ситиһэ

Үөр өстөөх киирбитэ,

Кэрэ кыыс көрсүһэ

Кэс тыллаах кэлбитэ.

Сайсары, Сайсары,

Сайсары куо алгыыр,

Сайсары, Сайсары —

Саргыны саҕалыыр.

 

Кини бу билигин

Кэпсэнэр ырыаҕа.

Саймаара иһилин,

Сайсары ыһыаҕа!

Сайсары, Сайсары,

Сайсары ынырар:

Бу маннык сай бары

Мустуҥ дуу, сахалар!