САЙЫҤҤЫ КҮН

Киһи эрэ үөрэр, долгуйар,

Кэрэ да сайыҥҥы дойдулар

Биэбэйдээн ааспыт эбиттэр

Мин оҕо сааспын кэмигэр.

 

Туох буолуой ол мин аччыгым

Уонна мин атах сыгынньаҕым —

Ол оннугар күөх сайыным

Уунара миэхэ быйаҥын.

 

Биһиги сэрии оҕолоро

Бэрт элбэх үлэни толоро,

Оттуур дьоммутугар бары

Улахан көмө буоларбыт.

 

Харахпар бу көстөр ыллык суол,

Хара хортуустаах кыра уол

Отчуттарга ыһык илдьэн

Ол суолунан ааһар кэлэн.

 

Оттон оол онно, эниэ тэллэҕэр,

Оҥой-соҥой көрсөн кэлэннэр,

Кыра-кыралаан сии-сиилэр,

Кырачааннар дьэдьэннииллэр.

 

Отон диэн арааһын тиһэннэр,

Оҕуруо оҥостон кэтэннэр

Обургу соҕус кыргыттар

Ууларын баһан тахсаллар.

 

Киэһээ тахсыбыт отчуттарга

Кэлэр дьиэһиттэр оччуоттара:

Мас мастаммыт, ынах ыаммыт,

Балаҕан кытта харбаммыт.

 

Отчуттар дьэдьэн амсайаллар,

Оҕолор дьэ оонньуу тахсаллар.

Күөнэх бөҕөтө үөлүллэр,

Күөх сайын биир күнэ бүтэр.