САНАА-ОНОО

Санаа-оноо быһа сиэн

Сааспынааҕар кырыйдаҕым –

Ийэм былыр инньэ диэн

Этэр буолара арытын…

 

Аралдьыйа сатыыбын –

Ааһан, араҕан биэрбэтэ,

Хараастан бэл ытыыбын –

Хараҕым сырдаан кэлбэтэ.

 

Арыт симэн ылбакка,

Түүнүм-күнүм түүллүү yhyyp.

Саараама, аһыммакка

Санаа-оноо миигин муҥнyyp.

 

Бөөлүүн – чуумпу, нуһараҥ,

Бугун – былыт, бүтэй куйаас.

Бачча ыанньыйан баран

Ыаҕастаах уунан кутан аас!

 

Санаам-оноом, оо эн да

Босхо былыт буолбатаххыан,

Ити мунньуллан баран

Эрэйдии сылдьарыҥыарыаҥ!..