САҤА ДЬЫЛЫНАН!

Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан!

Сандаара түстүлэр сир тыыннаах уоттара.

Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан!

Көрүнэн туоллулар харахтар уоттара.

            

Улахан, кыра умайар уоттар —

Ол эрэл, ол олох, ол эйэ уоттара.

Улахан, кыра умайар уоттар —

Ол бары эн дьонуҥ умаппыт уоттара.

 

Хараҥа-күөх харыйа иннигэр

Хаһыс эн кыһыҥҥар үктэнэн тураҕын?

Хараҥа-күөх харыйа иннигэр

Ханнык-туох санааны эн саныыр буолаҕын?

 

Сааскар саас эбэн, Саҥа дьыл кэллэ —

Үтүөнү, үрдүгү өйдөө дуу кэмигэр.

Суолгар суол эбэн, Саҥа дьыл кэллэ —

Оттон эн тал, онтон биир суолу кэмигэр.

 

Эн эдэр саас оргуйар уоҕунан

Уйгулаах уоттары умат дуу күндээрдэ!

Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан!

Эҕэрдэ эйиэхэ, эн күҥҥэр эҕэрдэ!