Харчы кумааҕы буолар Хара күннэрин биллэхпит,
Сыана сыанатын куотар, Сылларын сырсан биэрдэхпит,
Уорбат даҕаны уорар
Олоҕор тиийэн кэллэхпит,
Саҥа үйэ боруогар
Салаҥнык киирэн эрдэхпит.
Улахан сабыытыйа
Охсуута эмиэ улахан,
Олох сатарыйыыта
Ол иһин маннык ыарахан,
Ким хайдах сатыырынан
Тахсар курдук алдьархайтан,
Саха да сайдыытынан
Хаалсыа суохтаах атыттартан.
Үйэ үс чиэппэриттэн
Өссө кыра кэм иһигэр
Үс саха үөрэхтэнэн
Хайдах курдук биллибитэй?!
Ону атын кэм кэлэн
Кини сэмэй бэйэккэтэ
Бүгүн алҕас тэринэн
Ааты-суолу эккирэтэр.
Хардыы аайы хандьытаат,
Атыл аайы акадьыамык,
Онтон атын дьарыктаах
Мантан антах аҕыйыыһык,
Арай хара айыылаах
От оттууһук, мас мастыыһык —
Чахчы үрдүк таһымнаах
Олох-дьаһах баһылыыһык.
Айыылары, ойууну
Анаан-минээн айхаллыыбыт,
Ыраах-чугас дойдуну
Корө-билэ айанныыбыт,
Баайы-дуолу, уйгуну
Бастаан онно харахтыыбыт,
Араас дьикти сонуну
Дьиэбитигэр аҕалтыыбыт.
Саха тэҥэ суох буолбут
Саха улам элбээн иһэр,
Тойон бөҕө диир уолбут
“Тойотаҕа” тиэрэ түһэр,
Муҥ бөҕөнөн норуоппут
Муспут баайа биирдэ эстэр,
Уларыйбыт олохпут
Уорбалыырдыы көрөр-истэр.
Күн киһитэ көмүскэс,
Айыы киһитэ амырах,
Оннук истиҥ, эйэҕэс
Олоххо дьиҥэр аҕыйах,
Өhөc, хадаар, өһүргэс
Кырыы-кырыытынан хата,
Өбүгэттэн да үгэс
Үтүө буолбатах барыта.
Сиэр-туом, үгэс суолталаах
Туолар эрэ буоллаҕына,
Билии-көрүү сомсуулаах
Дириҥ эрэ буоллаҕына,
Аат-суол, чыын-хаан солуулаах
Дьиҥнээх эрэ буоллаҕына,
Олох дьоллоох-соргулаах
Сыаллаах эрэ буоллаҕына.
Сарсын, баҕар, сахалар
Саҥа суолга туруохтара,
Албын барсы аҕалар
Атыыларын умнуохтара,
Олох тупсар, барҕарар
Олуктарын ууруохтара —
Дьиҥнээх саҥа сахалар
Дьэ кинилэр буолуохтара