САҤА УОННА ЭРГЭ

Долгуһан түһэн толоонноруҥ
Тупсубуттарын, дьоллоохторун,
Сымнаҕас оттоох сыһыыларыҥ
Сыттара баҕас сытыыларын,
Күлүмнүү сытар көлүччэлэриҥ
Көрүөххэ баҕас үчүгэйдэрин!

Былырыын да кини манныгын
Быйыл эн, бука, умуннаҕыҥ:
Сайылыккын саҥа төннөҥнүн
Саҥа хараххынан кордөҕүҥ —
Саарбах суох, оннооҕор эдэргэ,
Саҥа диэн — умнуллубут эргэ.

Эргэ кэм, былыргы, урукку —
Эмиэ бу сайылык сир курдук —
Олохтон олох сүппэт, арай
Умнуллан хаалан уларыйар.
Хаһан эрэ биирдэ буолбут суол
Хатыламмакка сатаммат дуол.

Былыргыны былыт саппытын,
Быһыыта, барытын аспаккын,
Ол иһин даҕаны биһиги
Ордоро саныыбыт ол кэми,
Күн аайы мунабыт-тэнэбит,
Күннээҕи олохтон тэйэбит.

Былыргыны кытта силиһин
Быспат мөккүөрдээх сорох киһиҥ
Билиммэт дэбигис саҥаны,
Бэйэтин киэниттэн атыны:
Ол киһи дьон-сэргэ хараҕар
Улаатан көстүөҕүм баҕарар

Өбүгэ олоҕун туһунан
Өр кини үөрэтэр туонунан,
Ол кэми бу көрөн кэлбиттии,
Оо, биири кэп да кэп кэлиилии…
Көҥдөйүнэн айдаарар айах
Көдьүүһэ-туһата аҕыйах.

Үтүө үгэстэн үксүн ылан
Өйгөр-сүрэххэр илдьэ сылдьан,
Ийэ тылтан элбэҕин ылан
Эккэр-хааҥҥар иҥэрэ сылдьан,
Ыарахан сүтүктээх киһилии
Ытаама эн, эстэн эрэрдии.

Үҥсэргиир өлүүнү тутуһан
Үрүҥү хара диэн турума:
Үөрэҕи, сайдыыны ылаҥҥын
Өбүгэҥ ыырыттан ырааттыҥ,
Ол онно куһаҕан туох да суох,
Ол ону ааспатах омук суох.

Төрүттээх-уустаах дьон аатыран
Теттөрү бараары хаайымаҥ, —
Саҥаны, эргэни дьүөрэлии
Саха да сайдыаҕа буолуо дии! —
Төһө кыах, күүс-күдэх баарынан
Түргэн бу олохтон хаалымаҥ.

Аан бастаан айар талааҥҥытын
Аан дойду аартыгар таһаарыҥ,
Сылдьыҥ эргийэ аар-саарынан,
Сырсыҥ эргиллэн алааһынан:
Уһаан баран омос кэллэххэ,
Оо, сир-дойду олус да кэрэ

Перейти к содержимому