САҤАЛЫЫ ОЛОРУОХ ИННИНЭ

Саҥалыы олоруох иннинэ,
Саҥалыы санааны саныах,
Саҥаны бэйэҕэ билинэ,
Саҥаны тарҕата барыах.

Саҥалыы саҥарыах иннинэ,
Саамай сөп тыллары булуох,
Саамай сөп санааҕа тирэнэ,
Самныбат эрэллээх буолуох.

Саҥалыы үлэлиэх иннинэ,
Сааскы сир үөрүүтүн көрүөх,
Саргылаах олоҕу тэринэ,
Саталы, сүбэни түмүөх