САҤА ЫАЛ

1

Сайылык баай хатыҥар

Салама ыйыырбыт,

Сайыҥҥы түүн барыгар

Чараҥы таптыырбыт.

Саһарбыт сэбирдэххэ

Самыыртан, тыалтан диэн…

Саһарбыт, сэрэйдэххэ,

Ким эрэ күлүө диэн.

Саһарбьгг сэбирдэххэ…

Сайыммыт кэмчитиэн:

Саһарбыт сэбирдэхтэр

Түһэллэр дии бэлиэр.

Саһаллар көмүс күннэр —

Саспаппыт биһиги,

Самыырдар да түстүннэр —

Саспаппыт билигин.

2

Былыргылыы ыал буолар

Быһаарыы кэрэтэ!..

Быһыыта, кини туолар

Кэмэ да кэлбитэ.

Билсибиппит биһиэнэ

Бэлиэр сылын ааспыт,

Бэртээхэй саҥа дьиэнэн

Киэргэммит алааспыт.

Уруу буолуон иннинэ

Ол дьиэҕэ кэлэммит,

Уруу дьонун иннинэн

Сиэттиһэн киирэммит,

Саргыбыт төрүөтүгэр

Саҥа ыал — биһиги

Саҥа дьиэ өһүөтүгэр

Ыйыахпыт биһиги.

3

Кэргэн буолан таптаһар

Килбик сылаас үөрүү

Кэхтибэтин туһугар —

Кэрэ буолуом өрүү!

Ийэ, аҕа дьолугар

Иитии, таптал, күүтүү

Иһиллэрин туһугар —

Истиҥ буолуом өрүү!

Күндү сирим тулабар,

Күнүн ахсын көбүү,

Көҕөрөрүн туһугар

Көмө буолуом өрүү!

Мин хомойон ытыаҕым,

Мин таптаан иэйиэҕим,

Мин өлүүттэн быыһыаҕым

Мин, ийэ, ол иэһим!

 

Перейти к содержимому