САҤАРБАТ КҮННЭРБЭР

Биир тылы эттэххэ

Иккиһи күүтэҕит,

Иккиһи эттэххэ

Эһиги үөрэҕит.

Кыралаан кыбыстыы

Кыаһыытын ыһаҕыт,

Сэһэннээх атастыын

Сэлэһэн бараҕыт.

Үчүгэй аан дойду

Олоҕун ырытар,

Тулаайах чуҥкуйбут

Дууһаны сылытар.

Үчүгэй дьон-сэргэ

Олоҕор кыттыһар:

Үөрүөхтэн үөрсүһэр,

Ытыахтан ытаһар.

Үчүгэй caҥapap,

Истэр да үчүгэй.

Үчүгэй саҕана –

Барыта үчүгэй.

Суох, миигин умнумаҥ

Саҥарбат күннэрбэр:

Оо, миэхэ куһаҕан

Ордук ол күннэргэ.

Мин дууһам кураанах,

Эстибит саа курдук,

Итиэннэ дьэ саарбах

Иитиллиэ сотору.

Суох, миигин умнумаҥ

Саҥарбат күннэрбэр:

Оо, миэхэ куһаҕан

Ордук ол күннэргэ.

Перейти к содержимому