САТАНЫА СУОХПУН

Утуйарын ордорор киһи

Оҥоруо дуо улаханы?

Уугун хана утуйар иһин

Олорор курдуккун аны.

 

Субу маннык олордоххуна

Суруйбат буолар эбиккин,

Суруйан да сордонноххуна

Сонун тугу да эппэккин.

 

Сүрдээх суол — сүрэҕэ суох буолуу,

Суөргү көрөргө эйигин.

Буруйа суох онно оҥоһууҥ –

Онно буруйдаа бэйэҕин!

 

Баалатан эрдэҕим сытыыга:

Баҕарбаппын бэл туруохпун.

Хаамыахха дуу тахсан сыһыыга:

Хайдах да сатаныа суохпун.