САХА КИИН КУОРАТА ДЬОКУУСКАЙ

Сааскы күн сандааран тахсыыта, Сарыала эйиэхэ түһүүтэ

Мин ырыам-тойугум талыыта Мин өйүм-сүрэҕим үөрүүтэ

Эн эрэ буолаҕын, эн эрэ,

Эн эрэ — тапталлаах куоратым. Саҥа кэм саргытын, дьолун ай,

Саха киин куората, Дьокуускай!

 

Сайсары үрдүнэн сардаҥа,

Туймаада иэнигэр дьол сааһа. Баҕарар мин баҕам бастыҥа, Ыралыыр мин ырам ырааһа

Эн эрэ буолаҕын, эн эрэ,

Эн эрэ — тапталлаах куоратым. Саҥа кэм саргытын, дьолун ай,

Саха киин куората, Дьокуускай!

 

Котор лыах кой тыалга тэлээрэ, Күлүмнүүр Күөх Хонуу халаана. Дьон-сэргэ доҕордуу мичээрэ,

Эдэр саас иэйиитэ, талаана Эн эрэ буолаҕын, эн эрэ,

Эн эрэ — тапталлаах куоратым. Саҥа кэм саргытын, дьолун ай,

Саха киин куората, Дьокуускай!

 

Ыраахтан илгэлээх долгунун Ыһыахтыыр эйиэхэ Өлүөнэ. Кырдьаҕас Олоҥхо Дойдутун Бүгүҥҥү, сарсыҥҥы мөссүөнэ Эн эрэ буоллаҕын, эн эрэ,

Эн эрэ – тапталлаах куоратым.

Саҥа кэм саргытын, дьолун ай,

Саха киин куората,Дьокуускай!