САХА КИИН КУОРАТА

Сундулуспут таас дьиэлэр

Сордоҥ дуу курдуктар,

Сүүстэн сүүһүн кэриэтэ

Ол онно омуктар.

 

Саха киин куоратыгар

Сахата биир-икки,

Хаамсыах дуу суолтатыгар

Саатар эн биһикки.

 

Баччаҕа уулуссаҕа

Ыт охсор киһи суох,

Барааттыыр болуоссакка

Бараммыт олоруох.

 

Илиитин өрө уунан,

Онно Ленин турар,

Хараҥа түүн хам кууһан,

Кинини борутар.

 

Олох-дьаһах күн аайы

Уларыйан иһэр,

Киһи-сүөһү ол аайы

Кимэ-туга биллэр.

 

Тэҥнэһээри, сулуону

Тэллэх ыта үрэр,

Үр да үрдүү охсуоҕун

Үөдэн хата билэр.

 

Үгэ диэмэҥ ол ону,

Олох эмиэ — үгэ,

Буолан баран олуһун

Буккуурдаах түмүгэ.

 

Туойуох буолтум саргыны,

Дьолу мин уруйдуу,

Туойабын дии атыны

Түһээн дуу, илэ дуу.

 

Саха киин куоратыгар

Сахата биир-икки,

Хаамсыах дуу суолтатыгар

Саатар эн биһикки.

Арай сайын куоракка  

Эдэр ыччат элбиир,

Араас сыала туолбакка,

Арыт уһуур-кэҥиир.

 

Бука, үгүс онно дьон

Буолара-буолбата.

Тупсуо баара дуо онтон

Саха киин куората.

 

Сахалар, сахаҕытын

Сайдыынан дакаастааҥ,

Саҥарар саҥаҕытын

Сайаҕас санаалааҥ.

 

Үөрэнэри, айары

Үрдүктүк тутуохха,

Ытык сирбит Сайсары

Ыаллара буолуохха.

 

Дьолунан толоруохха

Туймаада туонатын,

Саргылаах оҥоруохха

Саха киин куоратын.

 

Убай, быраат буолуохха

Уонунан омукка,

Уонна дьэ олоруохха

Ол дьиҥ киин куоракка.

Перейти к содержимому