САХА ОМУК БУОЛАРБЫНАН

Саха омук буоларбынан
Саҥам-иҥэм сахалыы,
Тутта-хапта сылдьарым да
Туспалардаах — сахалыы.
Саха омук буоларбынан
Саныыр санаам сахалыы,
Айманарым, үөрэрим да
Атыннардаах — сахалыы.
Саха омук буоларбынан
Сайдыым эмиэ сахалыы,
Олоҕум, сиэрим барыта
Уратылаах — сахалыы.
Ону умна сыһан бүгүн
Олуонатык көстөбүн:
Алаастарбын, өтөхтөрбүн
Атыҥырыы көрөбүн!..
Саха омуга дьиҥ сайдыы
Сөптөөх суолун тутуоҕун,
Саамай сүрүнэ сахалыы
Тыла-өһө баар буоллун.
Саха сүрэҕэр сахалыы
Төрүт тыла тиллиэҕин,
Сайылыкка былыргылыы
Саха ыала элбиэхтин.
Ойуу-бичик саха тыла
Оттуу-мастыы сипсийэр.
Сиртэн-буортан күүс-уох ылан
Ситэр-хотор, чэлгийэр.
Тыастаах-уустаах сиргэ кини
Тыына-быара хаайтарар,
Саҥа кэми дьэ ол иһин
Сатаан эппэт аатырар.
Ол оруннаах буолуо баҕар,
Ол эрээри ыксаамаҥ:
Тыыннаах сиртэн тыынын ылар
Тылы көмө сатаамаҥ.
Аһыҥ кини араас өҥүн!
Оччоҕо саҥа сайдыы
Саамай үрдүк өйдөбүлүн
Саҥарыахпыт сахалыы.
Холку Лена долгунугар
Холонуоҕа саҥабыт —
Туспа омук дьонноругар
Тута көстүө Сахабыт.
Алмаас, көмүс сураҕынан
«Аатыраммыт» бүтүөҕүҥ,
Саха омук буоларбытын
Саатар бүгүн өйдүөҕүҥ!

Перейти к содержимому