Хаһан эрэ киһи киилэ,
Хайдах буолан, туохха ыктаран,
Сымыһаҕын быһа ытыран
Сылдьарый бүгүн нэһиилэ?
Сыҥаах баттанан олорон
Сыаналаан, тойонноон көр эрэ,
Эбэтэр бу маны ким эрэ
Этэр дуу эмиэ оҥорон?
Суобас, чиэс суураллан барда,
Сатаа да эн саһыл саҕалан.
Иэдээни сир аайы аҕалан,
Иирсээн бөҕө иирэн турда.
Хобдох быһыы хойдо түстэ,
Үтүө санаа үксүгэр саста,
Дьорҕоот-сытыы тута тубуста,
Көнө-көссүө көҕүс түстэ.
Өй хоппот үйэтэ үүннэ,
Турары-турбаты аймаата,
Эмиэ да күнүстүү сырдаата,
Эмиэ да сууланна түүҥҥэ.
Бу мантан саха киһитэ,
Бука, соһуйан уһугунна,
Бутугас курдук буккулунна,
Булугас өйдөөх бэйэтэ.
Былыргылыы олорорго,
Быһыыта, онтон быһаарынна,
Баар кыаҕын барытын ааҕынна
Ол баҕатын толорорго.
Кини икки хараҥаттан
Үлэлиэ-хамсыа былыргылыы,
Олоруо, сайдыа дьэ .сахалыы,
Алааһыгар дьиэ-уот туттан.
Оттуо-мастыа, сүөһү ииттиэ,
Уйгу-быйаҥ ыһыаҕын ыһыа,
Омуктары кытта ыҥыртыа
Уонна дуоһуйа кэпсэтиэ.
Аны кини оҕолоро
Арыый атыннык сайдыахтара,
Араас омукка сылдьыахтара
Атастаһан-доҕордоһон.
Омук омугу кытары
Уруйдаһар сайдыы тылынан,
Тэҥнэһиэҥ суоҕа атынынан.
Улахан сэниэ кыраны.
Сахалыы эрэ санаанан
Сайдарбыт сатаҕай буолуоҕа.
Биир да омук бэрт буолуо суоҕа,
Бэйэтин туспа арааран.
Сылдьыма аны нэһиилэ,
Сытыма алааскар эн бүгэн,
Кэм-кэрдии ыар ындыытын сүгэн.
Кэҥэт ыыргын, киһи киилэ!