САХА ХОҺООНО

Эн, саха киһитэ,
Ааҕаҕын дуу, суох дуу саха хоһоонун?
Ыйыппыт биирдэ ким эрэ, хороонун
Куотарга кэҥэттэ.
Итиэннэ кини эппиэти кэтэспит.
Киһитэ онуоха
Сүөргүлээн буолуоҕа
Саҥата суох көрөн эрэ кэбиспнт.
Сахабын да диэтэр,
Саха сахатын aaҕapa ахсааннаах,
Хата ол кэриэтэ
Атыны ааҕарын ордорор саҥнаах.

Намыһах үрдүккэ,
Кыра улахаҥҥа тардыһар мэлдьи.
Соһуйар сатаммат: араас кэмэлдьи
Арай суох өлүккэ.
Биллэр суол буоллаҕа, алҕас элбэҕэ
Атахха турууга,
Орто да улууга
Ол эрэ курдук тэҥнэһэн эрдэҕэ.
Оттон кылгас хоһоон
Уһун романнааҕар ордук ардыгар.
Аах да санааҥ-онооҥ
Aahap былыттыы ханна эрэ барар…

Наҕыла, намыына
Бэйэтэ бэрт ырыа – саха саҥата.
Кэрэгэй буолуо киниэхэ сахпата
Өй-санаа үөр кыыма.
Caҥapap идэлээх саха барыта
Ойуулаан-дьүһүннээн,
Олуктаан, дьүөрэлээн –
Xohooн дуо, ама ол caҥa барыта?..
Суох! Саха хоһооно
Тыл эрэ дьүөрэтэ буолбата буоллар,
Дьон айбыт хоһооно
Туох эрэ санаанан толору туоллар.

Сир дьонун хоһооно
Сиэдэрэй сиэр-майгы сиэмэтин ыстар,
Ол онтон симэх от ситэн таҕыстар
Дууһа диэн толооҥҥо.
Саха да хоһооно санаа арааһын Саамылаан ырыттар,
Саната сырыттар
Үүнэргэ-сайдарга үгэс диэн баарын.
Ол эрээри кини
Урукку дии-дии олохтон тэйбэтэр,
Эдэркээн киһини
Эргэнэн иирдэн иэдээҥҥэ тэппэтэр…

Эн, саха киһитэ,
Aaҕap буол ардыгар саха хоһоонун.
Этиэҕэ ким эрэ, эмиэ хороонун
Куотарга кэҥэттэ.
Ааҕар буол, атаһым, хоһоону сынан: Үрдүнэн көрбөккө,
Үөһэнэн көппөккө,
Хааҥҥын оонньото хас биирдии тылынан.
Оччоҕо эрэ эн
Хоһоону үчүгэй-куһаҕан диэҥҥин,
Толорон, ситэрэн
Тойоннуур санааҕын дьоҥҥо тиэрдиэҕиҥ…