САХАЛАР ЭМИЭ САҤА САЙДЫЫ

Сахалар эмиэ саҥа сайдыы

Тыына, дууһата тыл дии саныыллар,

Ити да иһин эбии-сабыы

Араас тыллары айа сатыыллар.

 

Тыл эбэтэр баар, эбэтэр суох.

Самныллыбат, саҥардыллыбат.

Эн биһи төһө да сордонуох—

Сайдан бүппүт хат айыллыбат.

 

Итинэн дьону аймыахтааҕар

Истэр киһи олоҥхоһуттары,

Саҥа тыллары айыахтааҕар

Саныыр киһи умнуллубуттары.