САХАЛАРГА

Өрөөбүт уоспун өһүлэннэр,
Хоммут уоспун хоҥнороннор
Эмиэ хоһооммор көһүннүлэр
Эҥин араас элбэх дьоннор.

Аны ол дьону тоҕо эрэ
Саха дьолугар төрөөбүт
Саха саарыннара диэн эрэ
Аргыый ааттыахтаах үһүбүт.

Саханы абырыах дьоннортон
Адьас атыттар итилэр,
Бэйэлэрин эрэ чорботон
Биллэ сатыыллар кинилэр.

Хайдах диибит хас да көлүөнэ
Харайан кэлбит сүөһүтүн
Үүрэн ылан саҥа көлүөнэ
Үп-харчы гынан үөрбүтүн?

Саха омук саамай улахан
Саата-суута диэн бу ини!
Ол иһин да миэхэ ыарахан
Эһиэхэ этэр итини.

Ол эрэн суолу туора түспүт,
Сууллубут мас хомуллуохтаах.
Биһиги ньоҕойбут, өһөспүт
Онно туорай буолуо суохтаах.

Сайдыылаах сүүрбэ биирис үйэ
Сайаҕас дьону сөбүлүүр,
Дьыалаҕа эрэ сүгүрүйэ,
Мөлтөҕү тыалынан сөрүүр.

Улахан, элбэх омуктардыы
Ол-бу буола сатаамыаҕыҥ,
Киһи буоламмыт үүнүү-сайдыы
Киэҥ суолуттан туораамыаҕыҥ.

Мунан-тэнэн, аатыра сатаан,
Сахалар, манан бүтүөҕүҥ,
Кыахпыт-күүспүт кыратын санаан,
Кырдьыгы эрэ көрдүөҕүҥ!