САХАМ СИРЭ

Тыһыынча сылларга тымныыны-тыаллары

Тыыннарын суоһунан сылытан олорбут,

Уонунан омуктар улуукан сыалларын

Олохтуу, оҥоро уоҕуран турдубут.

 

Барҕар эн, бар дьону долгута,

Баараҕай көҥүл, кэрэ

Уйгулаах олоҥхо дойдута,

Саргылаах Сахам сирэ!

 

Үөрэҕи, сырдыгы, үүнүүнү-сайдыыны

Үлэһит былааһа биһиэхэ биэрбитэ.

Өлүүнү-сүтүүнү, үөрүүнү, кыайыыны

Өлүөнэ биэрэгэр үс саха билбитэ.

 

Барҕар эн, бар дьону долгута,

Баараҕай, көҥүл, кэрэ

Уйгулаах олоҥхо дойдута,

Саргылаах Сахам сирэ!      

 

Доҕордуу норуоттар дьоллорун туһугар

Дьон-сэргэ барыта дьулуурун анаатын,

Өй-санаа үтүөтэ үүнүүбүт суолугар,

Үрүҥ күн кэриэтэ, өрүүтүн сырдаатын.

 

Барҕар эн, бар дьону долгута,

Баараҕай, көҥүл, кэрэ

Уйгулаах олоҥхо дойдута,

Саргылаах Сахам сирэ.