САХАМ ТЫЛА

Арыт санаабын сайа этэн

Аһыллар кэмнээх мин тылым,

Оччоҕо кини олус бэргэн,

Оччоҕо кини баай-талым.

 

Араас оонньуур өҥүн-дьүһүнүн

Ааҕан даҕаны сиппэккин —

Баҕардар анаан да дьүһүйүҥ,

Аны итинник эппэккин.

 

Күөх сирэм көмүстээх долгуна

Күҥҥэ күлүмнүү бу сытар.

Кэрэ тыл сүүрүктүү суккуллан

Сүрэххин-быаргын манньытар.

 

Күөрэгэй ыллыыр, кэҕэ этэр,

Үөрүү кууһар эн дууһаҕын.

Ол иһин да саха киһитэ

Оонньуур эбит ордук сайын.

 

Кыһын олоҥхо, остуоруйа.

Оттон сайынын оһуокай

Сөрүүн түүн ыраах дуораһыйа

Сүргэни көтөҕөр аҕай.

 

Сарсыарда эрдэ үөр туруйа

Үс саха үҥкүүтүн салгыыр.

Бу дьикти көстүүттэн долгуйа

Хас биирдиибит сүрэҕэ ыллыыр.

 

Күлэр-оонньуур күөх сайыммытын.

Көрдөөх ырыанан алгыыбыт

Уонна дьэ уһун айаммытын

Орто дойдуга салгыыбыт.

 

Ойуур-тыа суугунун тыаһынан

Улуу айылҕа кэпсэтэр,

Мутукча, сэбирдэх тылынан

Муударай санаатын этэр.

 

Алгыс тыллаах саха омуга

Аар тайҕаҕа дьиэлээх-уоттаах,

Кэлин даҕаны бу дойдуга

Кини мэлдьи баар буолуохтаах.

 

Үс саха дойдута дойдулаах,

Өбүгэтин тыына тыыннаах,

Түөрт саха дьарыга дьарыктаах,

Төрүт саха тыла тыллаах.

 

Төрөөбүт төрүт тыл сүмэтэ

Ийэ үүтүн кытта иҥэр.

Бу манна туора дьон сүбэтэ

Туһата бэрт кыра, дьиҥэр.

 

Тылы үрдүттэн ыйан-кэрдэн

Туругурпатыҥ буолуоҕа.

Ууну-хаары даҕаны эрдэн

Уус тыллаах аатырыаҥ суоҕа.

 

Тылы уларыта сатаама:

Тыл бэйэтэ уларыйар.

Тылы тутуһа да сатаама:

Тыл олоҕу кытта сайдар.

 

Арай эн сүбэ буол киниэхэ

Сүнньүн сөпкө буларыгар.

Эдэр да, эмэн да киһиэхэ

Ийэ тыла буоларыгар.

 

Олоҥхо тылын ортотугар

Омук тыла сахатыйар.

Саха тыла өлбөт туһугар

Саҥа кыахтарын арыйар.

 

Муус-хаар дойдум модун тыалыгар

Буспут-хаппыт сахам тыла,

Эт, тыын дуу хас саха ыалыгар,

Ийэ буортан күүс-уох ылан!

 

Саха тыата баарын тухары

Саха тыына баар буолуоҕа.

Саха тыына баарын тухары

Саха тыла баар буолуоҕа!

 

2002 с.

Перейти к содержимому