СИЛИГИЛИИ СИТЭН ТУРАР ХАТЫҤ

Силигилии ситэн турар хатыҥ

Сэбирдэҕэ саһара быһайын,

Хахсаат тыалтан хампа күөҕэ тохтон,

Халтаҥ хаалаахтаабыт кини онтон.

 

Сэгэрдэриэм, эһиги эдэргит,

Сэбирдэхтэрдии сиргэ ситэҕит –

Ханнык да хаһыҥҥа хаптарымаҥ,

Хаалыаҕа сиргит хатыҥныы халтаҥ…