СИР УОННА СИЭР

Сир туһунан сэһэргэс даҕаны мэлдьи

Көстө түһээччилэр күөх сибэккилэрэ,

Оттон бүгүн ол бэйэлэрэ, оо дьикти,

Биллибэт оннооҕор баар сибикилэрэ…

 

Cypahap курдук дуу ким эрэ сэтэрээн

Ханналарый диэн хаарыан сибэккилэргит?..

Онон сир туһунан онно да эппиэттээн

Хайаан да наада хаттаан сэһэргэһэрбит.

 

Ханна барыахтарай хаарыан сибэккилэр,

Хааллахтара буолуо хайдах баалларынан,

Ону биһиги сыһыаммыт сирбитигэр

Уларыйар арыт сиэргэ баппатынан.

 

Оһуордаах-симэхтээх оонньообут сирбитин

Ойуулаах сиидэстии ойута быһабыт,

Ол онно өлүүтүн мыыммыты, сирбити

Өйдөтө сатааммыт өлө да сыһабыт.

 

Аҕыс уон дууһаҕа алааспыт биир эрэ,

Yc аҕа yyhyrap үрэхпит соҕотох.

Ол ону өйдөөбөт бу манна эн эрэ,

Эн эрэ буоларыҥ кэлиэ дуо, соҕотох…

 

Дулҕа сир – курааҥҥа, томтор сир – ардахха

Ханнык да дьыл кэллин хаалары билбэттэр…

Итинник эҥин диэн быһааран бардахха,

Cөпсөһүө да суох дьон сөпсөһөр эбиттэр.

 

Кыччыгый да кыыспар, оччугуй да уолбар

Үрэхтэн, алаастан өлүү сир кэмнэнэр –

Баҕарбыт баҕабыт, бадаҕа, дьэ туолар:

Бар дьоммут барыта бас билэр сирдэнэр.

 

Чааһынай бас билии чахчы ыар үлэлээх,

Бэйэҕэ эрэ диэн биллибэт сылаата,

Ким онтон чаҕыйар киниттэн тэйиэхтээх,

Туох эрэ сылтаҕы булуохтаах ол аата.

 

Сүрэҕэ суох киһи сүүс араас сүбэлээх,

Олортон биирдэрэ бу буоллун диэбиттии,

Эһиги, биһиги эрбиилээх, сүгэлээх

Тахсыахпыт сирбитин таһынан бүтэйдии.

Идэһэ оҥостон эһиилгэ сиирбитин,

Иитиэхпит ол онно икки-үс сүөһүнү…

Өссө диэн эттэххэ, өлбүкэ сирбитин

Атыылаан даҕаны аһыырбыт сөп үһү…

 

Харчы уу буоллаҕа – уолбут дуу, кыыспыт дуу

Куоракка киллэрэн кутан да биэриэҕэ…

Сылтан сыл итинник сыыстаран курдук дуу

Эстибит-быстыбыт эбиллэн иһиэҕэ.

 

Ийэ сир бас билии буолбута ыраатан,

Бүтэйгэ эрэ баар бүөм сирдии көстүөҕэ.

Төрөөбүт дойдум диэн, оҕобут улаатан

Төлкөтүн ол бүтэй иһигэр түстүөҕэ.

 

Баар кыаҕын баратан, дьону да туһанан,

Баҕар кини онно байан да туруоҕа,

Ол эрэн бу маннык тускулу тутуһан

Сахалар саргылаах буолбаппыт буолуоҕа.

 

Баай-баттал баар буолуо – бар дьоммут айманыа:

Үөрэхтээх киһини үүрүөҥ дуо оҕустуу?..

Сатархай олохтон санаабыт алдьаныа,

Элбиэҕэ оччоҕо этиһии, охсуһуу.

 

Биһиги тыын харбас, тыйыс сир дьонноро

Бары биир сүбэнэн сылдьыахха баар этэ:

Yc саха үйэ-саас өйөһөн олорон

Этинэн-хаанынан итини билбитэ.

 

Төрөөбүт сирбит диэн төрөппүт ийэбит,

Ол иһин даҕаны Ийэ сир буоллаҕа,

Биэс да буол, биир эбээт миэнэ диир ийэбит,

Сир ийэ даҕаны син оннук, бадаҕа…

 

Суох, ону сорохтор күрүөлээн ыланнар

Хайаан да хаһаайын буолуохтаах үһүлэр,

Уопсай бас билиини ыал аайы ыһаннар,

Миэнэ диэн түүннэри түһүнүө үһүлэр.

 

Аҕыс чаас үлэлиир аатырбыт быраабы

Сүрэдэ эрэ суох сөбүлээн кэллэҕэ,

Ол иһин даҕаны Сэбиэскэй былааһы

Бэлэмҥэ үөрэммит мээр суохтаан эрдэҕэ…

 

Ол эрэн, дьонноруом, ким эрэ алҕаһаан

Ол кэми киртитэ сатыырын истимэҥ:

Үөскээбиt сиргитин үллэстэн, атыылаан

Сиир-аһыыр туһугар сиэргитин тэпсимэҥ!

 

Күөх сайын быйаҥын көҥөнсөн турбакка,

Күргүөмнээн киирэҥҥит оттонуҥ-мастаныҥ

Бүтэйгэ, эрэ баар бүөм сиргэ буолбакка,

Бүтүн сир ийэҕэ, бар дьонум, махтаныҥ!

 

Күн сирин үрдүгэр, күөх халлаан анныгар

Күрүөҕэ күрээһин, бүтэйгэ бүгээһин –

Алааскыт төһө да арыы-сыа алыннар,

Аны биир өттүгэр аһары түһээһин.