Соҕотохсуйуу диэн ыар турук
Сороҕор киһини булар,
Оччоҕо киһи үтэс курдук
Оонньуута-көрө уурайар.
Соҕотохсуйууну оннооҕор
Кыра оҕо кытта билэр,
Ол кэмтэн кини олоҕор
Орой мэник буолан бүтэр.
Соҕотохсуйууну бары да
Сор-муҥ курдук ылынабыт,
Соҕотохсуйа түстүбүт да,
Сонно тута чуҥкуйабыт.
Соҕотохсуйуу быстах чаастаах,
Ол иһин биһи барыбыт
Суол доҕордоох, айан аргыстаах
Буоларыгар кыһаллабыт.
Соҕотохсуйуу наада арай
Суруйааччыларга арыт,
Онтон атыттар бу алдьархай
Булбатыгар баҕарабыт.
Ол эрээри соҕотохсуйуу
Оҕо оонньуута буоллаҕа,
Оннооҕор баар соҕотох буолуу
Ынырык суол диэн, бадаҕа.
Аан дойдуга бу маннык киһи
Адьас атыннык көрүллэр,
Төһөлөөх да улуутун иһин,
Төһө баҕарар күлүллэр.
Соҕотох киһи суолга тахсан
Сулуһу кытта кэпсэтэр,
Сирдээҕи олохтон арахсан
Сиини-хоһууну элбэтэр.
Соҕотох буолуу суостаах ордук
Ханнык да сирдээҕэр — дьиэҕэ,
Соҕотох буолуу дьулаан ордук
Ханнык да кэмнээҕэр — киэһэ.
Ол иһин кини бу турдаҕа
Түүҥҥү халлааны одуулуу.
Хата баҕар кини буолуоҕа
Хаһан эрэ саамай улуу.