Күнү быһа соҕотохпун,
Күн да көрбөт тымныы хоспун.
Арай араас санаалар
Аралдьытан ааһаллар.
Дьоҥҥо-сэргэҕэ сылдьан син
Доҕоттордоох курдук этим –
Ханналарый кинилэр,
Хаһан киирэн кэлэллэр?
Үөрүүлэрин-көтүүлэрин,
Өлүүлэрин-сүтүүлэрин
Тоҕо-хоро кэпсииллэр,
Toҕo сүөккээн чэпчииллэр?
Ол эрээри соҕотохпун,
Ол аата мин доҕотторум
Олохторо этэҥҥэ
Устан-баран истэҕэ…
Хааллын тоҥуу титирээһин,
Ханнаный, бээ, тэтэрээтим:
Санааларбын түмэммин,
Салгыым хата улэбин.
Туора дьоннор дьылҕалара
Тойук буола сылдьаллара
Миэхэ бүгүн чугастар,
Бэйэм киэнин курдуктар.
Ол дьон олус эйэҕэстзр,
Ону-маны билигэстэр,
Сыыстарбыты өйдүүллэр,
Сылайбыты өйүүллэр.
Арай миигин билиммэттэр,
Айбыт аҕабыт диэбэттэр,
Олох дохсун сүүрүгэр
Оҕустаран сүтэллэр.