СОЛБУЙСУУ

Биллибэтинэн биир суол
Иккис суолтан эһиллэр,
Арай онтон атын буол
Айылҕабыт кэһиллэр.

Былырыыҥҥы сэбирдэх
Быйылгынан солбуллар,
Эһиил ити сэбирдэх
Эмиэ соннук суох буолар.

Айылҕаҕа солбуйсуу —
Олохтоммут бэрээдэк.
Оннук курдук олуйсуу
Олоххо да бэрт элбэх.

Арай олох ол онтон
Айылҕалыы тиллибэт,
Дьон да оннук олохтон
Дьолломмута биллибэт.