СУОХ КУРДУК КЫРДЬЫК, СУОХ КУРДУК ЫРА

Суох курдук кырдьык, суох курдук ыра,

Taҥаспыт сырдык, санаабыт хара.

Хас биирдии санаа халлааҥҥа көтөр –

Хаарыаннаах халлаан хараарыа өтөр.

Сиэр диэни умнар сэттээҕин биһи

Өлөөрү туран өйдүөхпүт ини.