СУРУЙАР ДЬОҤҤО

Ардыгар бэйэҥ да билбэккинэн

Дууһаҕын туох эрэ эрэйдиир,

Сылайбакка сытыы иннэтинэн

Эйигин тэһитэ кэйиэлиир.

 

Олорор-турар сиргин булбакка

Уһун күн эн хааман тахсаҕын,

Аһаабыт да аһыҥ ас буолбакка

Аат эрэ харата сылдьаҕын.

 

Этэр этиигин, саныыр санааҕын

Эн саҥардыы саҥаран иһэн,

Эппэт кэлэҕэй буолан хаалаҕын

Эмиэ бэйэҥ да билбэккинэн.

 

Урут уулуу суккуйар тылларгын

Умнан дуу кэбиспит курдуккун,

Ол эрээри бу муҥу кытары

Уһуннук сатаан олорбоккун.

 

Иэйии аана эмискэ аһыллар —

Аны эн атын ыал уолаҕын

Эймэнэ кыынньар эгэлгэ тыллар

Эйгэлэригэр баар буолаҕын.

 

Дууһаҕын туох тууйан эрэйдиирин

Томторук курдук киэр илгэҕин,

Саныыр санааҕын, иэйэр иэйиигин

Аны эн холкутук этэҕин.

 

Суруйар дьон, биһиги, бары да

Саҕалаатахпыт буолуо бастаан

Эмиэ итинник тыыннаах тылларга

Ис санаабытын этэ сатаан.

 

Эрэй-муҥ эҥээрдээх ол дьарыкпыт

Кистэлэҥ күүһүнэн кэрэтэ,

Суруйбакка олох сатаммаппыт,

Баар, бадаҕа, батарбат этэ.

 

Оттон бастакы бэчээттэниибит

Эмискэ улуу оҥортуура,

Дуона даҕаны суох ситиһиибит

Дьонтон үрдүкү туруортуура.

 

Биһигини аны уулуссаҕа

Билэр курдуга ким барыта

Оннук олохсуйара дууһаҕа

Улуутуйан ыалдьыы ыарыыта.

 

Соҕотох биһиги эрэ баарбыт

Суолталаах курдуга барыга,

Биһиги эрэ өйбүт-санаабыт

Үрдүгэ, ырааһа, сырдыга.

 

Үөрэнэрбит, сайдарбыт оннугар

Бэйэбит үөрэтэн барарбыт,

Биирдэ өйдөммүппүт, биллэн турар,

Бэрт саарбах билиилээх буоларбыт.

 

Ол да буоллар ону ол диэбэккэ,

Уоска бэрдэрэн уурайбакка,

Эргэ бэйэбит эбиллибэккэ,

Кур бэйэбит кубулуйбакка.

 

Үгэспитинэн үөрэтэ, ыйа

Биһиги син биир суруйарбыт,

Хайаан да уруккуну хаарыйа

Аныгы сиэринэн айарбыт.

 

Субу-субу түмсүһэн, хайдыһан

Суол аайы тарҕанар сурахпыт,

Тура-тура үөхсүһэн, хайҕаһан

Туох да сүр биллиилээх буоларбыт.

 

Сурунаалга, хаһыакка сотуһуу

Араадьыйанан да түсүһүү —

Биһиэхэ мэлдьи арҕаа, соҕуруу

Айдаарбыт айдаанын үтүктүү.

 

Уһук сиргэ ол айдаан долгуна

Хонон-өрөөн хойутаан кэлэр,

Ону олохтоох киһи омуна

Хабан ылан хат күөртээн биэрэр.

 

Былааһы сирэр, былааһы хайгыыр

Былыр да, быйыл да син биир баар,

Сороҕу сирэ, сороҕу хайгыы

Иннини көрүнүү эмиэ баар.

 

Баһын быһа этинэр киһини

Бары да сүөргүлүү көрөбүт,

Аһаҕаһынан аатырар кэми,

Арааһа, аны бэл мөҕөбүт.

 

Уларыта тутуу уоран кэлэн

Улуу дойдуну суох оҥордо,

Дьон-сэргэ нус-хас олоҕун кэһэн

Дууһаны хаһыынан толордо.

 

Харахпытын хайа тартыбыт да,

Харчыны-хамнаһы саныыбыт,

Норуоппут баайын тоҕута тарда

Дьолбутун оҥосто сатыыбыт.

 

Сороҕор оннооҕор суруйар дьон

Суобаспыт буолуммат диэбэттэр,

Үлүгэрдээх кэми өйдүү охсон

Өрүөллэр олорон биэрбэттэр.

 

Солуута суоҕу суруйан, этэн

Судургу суоллары талаллар,

Эппиэти күүтэр элбэх тиэмэттэн

Итинник кинилэр куоталлар.

 

Ол оннугар кырдьыксыт аатыра

Хас бөххө хасыһан тахсаллар,

История туманнаах аартыгар

Иирсээннээх олохтон саһаллар.

 

Бүгүҥҥү күнү ырытыахтааҕар

Ааспыты тиэрэ эргитиэххэ,

Тыыннаах кутуйаҕы тыытыахтааҕар

Өлбүт хахайы тэбиэлиэххэ.

 

Ааспыт олох алҕаһын туһунан

Араастык айдааран туруохха,

Эдэр ыччат билбэтин туһанан

Утары санааны угуохха.

 

Ыраас ыраны ыраах холдьоҕон

Ырыынагы өрө тутуохха,

Эргинэр, атыылыыр эдэр дьоҥҥо

Иитээччи бэрдинэн буолуохха.

 

Киириилээх-тахсыылаах сытыы дьон

Кимтэн да баай буолуох тустаахтар,

Кыайбат-хоппот кыра-хара дьон

Ол онно ымсыырыа суохтаахтар.

 

Баайдар эрэ баар буоллахтарына,

Барыбыт олоҕо тупсуоҕа,

Кэлэр кэмҥэ бу санаа бастыҥа

Кэскиллээх сайдыыны түстүөҕэ.

 

Биһигини үүнэр көлүөнэлэр

Үтүө тылынан ахтыахтара,

Олоҕу биэс тарбах курдук билэр

Улуу дьонунан ааҕыахтара.

 

Улуу дьон, ол эрээри эһиги

Оргууй соҕус саҥарыҥ эрэ:

Эргиллэн кэлиэ ити этэргит

Иһэ тас буолан хаһан эрэ.

 

Араас кэмнэр бэйэ-бэйэлэрин

Күнүстээх түүннүү солбуйсаллар,

Эргэ кэм иккистээн эргийэрин

Саҥа дьон көрсүһэ тахсаллар.

 

Кинилэр эмиэ, эһиги курдук,

Элбэҕи сирэллэр, үөҕэллэр,

Салҕана тураллар ити курдук

Саҥаттан саҥа көлүөнэлэр.

 

Хайҕаа да үөх, ханнык баҕарар кэм

Хаһан да үкчү хатыламмат,

Оттон кини оннугар кэлэр кэм

Кинитэ суох ончу сатаммат.

 

Олох диэн бу өрүһү өксөйүү,

Кини уһугун ким да булбат.

Эбэтэр сайдыы, эбэтэр төннүү —

Олох тохтоон биир сиргэ турбат.

 

Эһиги оннук устан иһэнҥит

Эрдиигитин мүччү туттугут,

Өксөйө сатаан баран эстэҥҥит

Өссө төттөрү уһуннугут.

 

Төннүүнү сайдыылыы санаан бүгүн

Аны эһиги алҕаһыыгыт,

Ырааһа бэрт диэн ыраҕыт күнүн

Ытыскытынан хаххалыыгыт.

 

Ол-бу быстах атыыны-эргиэни

Уйгу төрдө бу баар дэһэҕит,

Үрүҥү даҕаны хара диэҥҥит

Өс киирбэх дьону үктэтэҕит.

 

Майгыны-сиэри ол эрэн син биир

Барытын уларыппатыгыт,

Оннук да буолан баччааҥҥа диэри

Бачча тулуһа сырыттахпыт.

 

Баар дии дьэ байарга ыҥырыыгыт!

Ону бэл ыччат ылыммата,

Ылбычча ыстаммыт ырыынаккыт

Атастарым диэн аһыммата.

 

Олох сайдыытын утары барыы

Хаһан да үтүөҕэ тиэрдибэт,

Батталы эспит норуот саҥалыы

Батталга олоруо биллибэт.

 

Иэдээннээх реформа барыытыгар

Аан бастаан кини мэһэйдэһэр,

Ол курдук ким эрэ байыытыгар

Кыра да кырдьык суоҕун билэр.

 

Суруйар дьон ону өйдүөхтээхтэр

Хойутаан хаалбакка, кэмигэр,

Куруутун үтүөнү өйүөхтээхтэр,

Холобур буола сиэттэригэр.

 

Ханныктаах даҕаны хараҥаҕа

Мэлдьи сырдыгы көрдүөхтээхтэр,

Бэҕэһээ киэһээҥҥи сардаҥаҕа

Сарсыҥҥы күнү көрүөхтээхтэр.

 

Бу сиргэ сырдык олоҕу тутуу —

Сыралаах уһун суол, быһыылаах,

Уодаһын тыллаахтар ол иһин дуу

Кинини ыһаллар тааҕы-таах.

 

Орто дойдуга баар былаастартан

Тыл былааһа саамай дьайыылаах,

Ол иһин суруйар бырааттартан

Кырдьыгы эрэйбэт айыылаах.

 

Ити суруйбат дьон этээһинэ,

Кыһаллыҥ кини туоларыгар —

Суох буоллун биир да хара бээтинэ

Суруйар киһи суобаһыгар!

 

1994 сыл

Перейти к содержимому