СҮБЭ

Иһит эрэ эн, урааҥхай сахам.
Сүгэ хоппотоҕун сүбэ хотор
Эн бу аҕыйах бэйэҥ тарҕанан
Үйэҥ-сааһыҥ тухары олорор
Ийэ сириҥ күндү баайын көрөн,
Иҥсэлэрэ-оботторо көбөн
Иэдээнтэн таһаарбыт баайдарыгар
Итинтэн эбинэн хаалаарылар
Эдэр тойоттор, элик бэртэрэ
Элиэтэһэн ахан эрдэхтэрэ,
Өҥ-быйаҥ сирдэргиттэн кинилэр
Үтүрүйтэлииргэ да бэлэмнэр.

Онон эн баҕар ким эрэ этэн,
Эрдэттэн бултаах сирдэри булун.
Буолаллар ол оннук сирдэринэн,
Бука, Халыма, Анаабыр, Булуҥ.
Бу силлиэ-буурҕа сиэхтии кыыһырар
Муустаах муора муҥур кытыытыгар
Букатын суох билигин барааччы,
Буурҕалаах олоххо баҕарааччы.
Булчуттан атын ким да таарыйбат,
Бу сиргэ бүгүн ким да наадыйбат.

Ол арай эн онно куоппуккунан
Олус диэн астынаргын истэннэр,
Урукку-хойукку уопуккунан
Олоххун байыппыккын билэннэр, —
Ол обургуларыҥ, оо, ама дуо!
Онно да тиийбиттэрэ баар буолуо.
Онно да куотан быыһаныа суоххун,
Онон эн булун тус бэйэҥ суолгун.
Ол суолуҥ баҕар муос муоска буоллун,
Ол суолуҥ баҕар өй өйгө буоллун —
Оччоҕо эрэ эн баҕаҥ туолуо:
Олорор сириҥ эйиэнэ буолуо.