СҮЛЛҮҮКҮҮТТЭР

Ороннорбун хаалларан,

Ойбоннорбун алларан

Олоробун ыйга уу

Оонньуур өҥүн одуулуу.

 

Үрүҥ күүгэн эмискэ

Өрө үллэн кэбистэ,

Хара бэкир күлүктэр

Хаарга көстө түстүлэр.

 

Сүүстэригэр бэлиэлээх,

Сүүлэ испит илиилээх

Сүллүүкүүттэр тахсаннар

Сүүрэн-көтөн бардылар.

 

Киһи баарын көрдүлэр,

Кэлэн тула көттүлэр,

Сөҕүөх иһин, кинилэр

Сүрдээх көрдөөх эбиттэр.

 

Өбүгэтин үгэһин

Өрө тутуох киһини,

Сүүһүн ууга тиксэрэн

Сүрэхтиэҕиҥ дэстилэр.

 

Кутталбыттан мин онтон

Куотуох буолтум ойбонтон,

Онтум баара, ороммор

Олорорум хороллон…

 

Сүллүүкүүнү иһиллиир

Сүөргү соҕус дуу син биир,

Араас сэһэн элбэҕэ

Аны түүлгэ киирдэҕэ.