СЫНАЛЫҺАР ДОРҔООННОР

Сыналыһар дорҕооннор

Сыыллан киирэ тураллар,

Сырыы аайы хоһооммор

Сылдьар сири булаллар.

Сыналҕан – сыыс от арай.

Сыыһыыбын мин кыһаллан:

Сыа быыһыгар быччаххай

Сылдьыбатын кыбыллан.