СЭБИЭСКЭЙ ЫРЫАЛАР

Итинник ырыалар, итинник куоластар

Олус диэн сэдэхтэр ордук билигин.

Нарыннар, кэрэлэр, намыыннар, курустар —

Оо, кинилэри мин тута билэбин!

Аар-саарга аатырбыт Сэбиэскэй ырыалар,

Сиэдэрэй дууһалаах сэмэй дьоннордуу,

Олоххо, айаҥҥа бүгүн да аргыстар,

Улуу тапталы бу сиргэ уруйдуу.

Үчүгэй ырыа диэн — үөрүү-дьол бэлиэтэ,

Кэрэни айар дьонунан киэн туттуу.

Эҥини-арааһы эргитиэх кэриэтэ,

Эмиэ итинник ыллаабыт киһи дуу?!

Мин түөспэр, сүрэхпэр кутуллар дорҕооннор

Мэлдьитин ыраас салгынныы чэбдиктэр,

Олохпун ол ыраах кэмнэрдиин холбооннор,

Эрчиммэр эрчими эбэн биэрэллэр.

Кэрэтэ эбитиэн, киһилии тылынан

Киһи киһилии ыллыыра-туойара!

Эриэккэс ырыаны истиҥник ылынан,

Истибит эрэ иэйэрэ-куойара!

Итинник ырыалар, итинник куоластар

Олус диэн сэдэхтэр ордук билигин.

Нарыннар, кэрэлэр, намыыннар, курустар —

Оо, кинилэри мин тута билэбин!

Перейти к содержимому