СЭМЭН УОННА СОППУРУОН

Сэмэн уонна Соппуруон.

Сэмээр маннык бэрт истиҥник,

Аймаҕырҕаан дуу буолуо,

Ааттаабыттар кинилэри.

 

Сэмэн уонна Соппуруон.

Сиргэ хаалар ааппыт эрэ.

Кэс тыл салҕана туруон

Кэһиэм баар дуо ол мин эрэ.

 

Сэмэн уонна Соппуруон!..

Ситимэ да суоҕун иһин,

Сис дьон туһунан мэлдьитин

Син биир наада суруллуон.

 

Сэмэн уонна Соппуруон

Сэттэ кылаас үөрэхтээхтэр,

Улуу сыаллаах эдэр дьон –

Уоттаах төлөн сүрэхтээхтэр.

 

Сэмэн уонна Соппуруон,

Сиинэ тыатын уолаттара,

Дьолу көрдөөн сотору

Дьокуускайы булбуттара.

 

Сэмэн уонна Соппуруон —

Сиэдэрэй талаан дьонноро:

Сиппиттэрэ олуһуон

Сэһэннэрэ, хоһоонноро!

 

Сэмэн уонна Соппуруон —

Сэбиэскэй суруйааччылар,

 Ону таһынан иккиэн

Улахан салайааччылар.

 

Сэмэн уонна Соппуруон

Сир аайы сылдьыбыттара,

Олоҥхобут умнуллуон

Омуктуу саҥарпыттара.

 

Сэмэн уонна Сопуруон

Сэмэй диэн саха омуга

Талаанынан соһутуон

Tahaapтара аан дойдуга.

 

Сэмэн уонна Соппуруон

Ситиһиилэрэ сөҕүмэр.

Дьоллоох олох туругуруон

Туойа-ыллыы сир үрдүгэр.

 

Сэмэн уонна Соппуруон

Сэттэ уоннарын туолбакка,

Күн сириттэн суох буолан

Көмүлүннүлэр куоракка.

 

Сэмэн уонна Соппуруон

Сэргэстии хаамсан иһэллэр.

Баҕар, ким эрэ куотуон

Баҕарбаттар ини-биилэр.

 

Сэмэн уонна Соппуруон

Сир устун, оо, ырааттылар!

Айан суола ыар буолуон,

Айыы дьоно атаардылар.

 

Сэмэн уонна Соппуруон

Сиэллэрэллэр Бордорунан.

Хас биирдиибит киэн туттуон

Хайдаҕый бу дьоннорунан!

 

Сэмэн уонна Соппуруон,

Сиэрдээх тыллаах Даниловтар,

Сахаларга бүгүн да

Саамай биллэр дьайыылаахтар.

 

Сэмэн уонна Соппуруон

Син ыраах музейдаахтара,

Киллэрдилэр ол ону

Кииҥҥэ биир дойдулаахтара.

 

Сэмэн икки Соппуруон

Сити эрэн үтүөлэрин,

Ааттара биллэ туруон,

Ахтыахтара дуо өрүүтүн?!

 

Сэмэн уонна Соппуруон

Ситим олук уурбуттара

Саха литературата

Саҥа суоллары солуон.

 

Сэмэн уонна Соппуруон –

Сирдээҕи  дьон тустарынан

Элбэх чахчы сотуллуон

Эттэҕим буоллун мин манан.

 

Сэмэн уонна Соппуруон

Син өр буолла барбыттара,

Олохторо суруллуон

Ол иһин наада барыта.