Итийэн-кутуйан бардахха
Этии уулуу суккуллааччы
Курааҥҥа, тымныыга, ардахха
Куруук биирдик кутуллааччы.
Ис сүрэхтэн мин сөбүлээтим
Эһигини барыгытын,
Ол иһин да кэллэ-кэлээтин
Кэпсэтиэхпин баҕардаҕым.
Сэргээн истиэх буоллаххытына
Сэһэргиэххэ сэһэн элбэх,
Эһиги ону иҥнэх гынан
Этиэххитин эрэ кэрэх.
Кэпсиим хайдах мин манна кэлэн
Кэрэ кыыһы көрсүбүппүн,
Бэйэбит да билбэппитинэн
Мичилиһэ түспүппүтүн.
Хайдах мин кинини көрөөтүн
Эппэт кэлэҕэй буолбуппун,
Атын сирдэргэ көрдөөбүппүн,
Арааһа, манна булбуппун.
Биһиги турбуппут оннук өр…
Мин өйбөр биир да суох этэ
Ааһар ааспытын кэннэ көстөр
Араас тыл-өс эгэлгэтэ.
Уум кэлбэккэ сытан, мин кэлин
Ону барытын булбутум.
Бу үчүгэйин, бу кэрэтин!
Букатын поэт буолбутум.