СЭТИННЬИ СЭТТИС КҮНЭ

Суох, ол норуот көрүөн баҕарбыта
Көҥүлү, дьолу, тэҥ быраабы.
Суох, ол иһин Октябрь аҕалбыта
Россияҕа Совет былааһын…

Ыйытыы курдук уот кыһыл
Сэттэ Календарь үрүҥ илииһигэр:
Ол улуу дьыала төһөтө ситтэ,
Төһөтө хаалла эн илиигэр?

Устар этэ дьон бүппэт муората
Сэтинньи ый Сэттис күнүгэр —
Оо, кэрэтэ дойду киин куората
Улуу күн уот кыһыл өҥүгэр!..

Оннук хаалыа ол уот кыһыл
Сэттэ История биир илииһигэр:
Ол улуу дьыала ситэрэ ситтэ,
Уоннааҕытын эн ыл илиигэр.