Табыллыбыт таабырыннар
Чахчы дьикти таайыылаахтар.
Саамай сөптөөх таабырыннар
Сахаларга да син бааллар.
Баччыр оҕо бааччайбытын
Туох да кыайан сүөрбэт үһү.
Ону өр муҥнаан таайбытыҥ
Үүттээх чэйиҥ буолар үһү.
Саманнык таабырыннары
Санаатылар да айбаттар.
Дьоннор ону бука бары
Булгуччу билиэх тустаахтар.
Таабырын диэн бу арыллыы,
Сытыы өй булан айыыта,
Дьиҥ баары тылга саһыарыы
Дьирээлээх таба таайыыта.
Үчүгэй таабырын өрүү –
Үйэ муспут муудараһа,
Дириҥи, ырааҕы көрүү
Дьиктилээхэй холобура.
Киһи бу сири булуута,
Киһи бу сиртэн барыыта —
Ол айылҕа оҥоһуута,
Ол айылҕа баҕарыыта.
Киһи биир омук буолуута —
Кини олоҕун күрүөтэ.
Киһи олох олоруута —
Кини норуотун үтүөтэ.
Олох диэн уустук таабырын.
Ону таайбыт эрэ киһи
Норуотун кыаҕын барытын
Толору сыаналыа ини.